Кыайыы-75: Үөһээ Бүлүүгэ ат холуонната парааттыыр

Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин киин уулуссатынан аттаах холуонна айана ыраахтан ньиргийэн иһиллэр. Түөрт түөрэм туйахтар аспаал суолу табыйаллар. Сылгыһыттар аалай кыһыл былааҕы дьоһуннаахтык күөрэччи туталлар. 75 ат субу хааман иһэрэ көрүөхтэн кэрэ, дьикти, ураты, киһи уйулҕатын хамсатар дьоһун көстүү.


Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылын көрсө дьөһөгөй оҕотун өрө тутар үөһээ бүлүүлэр  сонун тэрээһини оҥордулар. Улуус киин уулуссатынан бүгүн күнүс 2 чаастан сахалыы симэммит 75 ат сэлэлии хааман киирдэ.

Аттаах холуонна ипподромтан саҕалаан, Ленин аатынан киин уулуссанан кэлэн, Хотун Бүлүү үрдүк биэрэгин устун парааттаан ааста.

Хамсааһын хайдах саҕаламмытай?

Бу сыл кулун тутар 27 күнүгэр улуус аҕа баһылыга Владимир Поскачин, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета уонна сылгыһыттар көҕүлээһиннэринэн, «Белый конь» диэн сылгыһыттар ассоциациялара тэриллибитэ. Уопсастыбаннай тэрилтэ толорооччу дириэктэринэн эдэр эрчимнээх Яна Иванова анаммыта. Ассоциация «Белый конь» диэн ааттаммыта эмиэ бэйэтэ устуоруйалаах. Ороһу нэһилиэгэр үөскээн, уһаарыллан тахсыбыт, араас таһымнаах сүүрүүлэр чөмпүйүөннэрэ Точка уобараһа ойууланар.

Сылгыһыттар Кыайыы 75 сылыгар 75 аты аҕалан, сэлэлии хаамтаран, ыһыах түһүлгэтин киэргэтэргэ үлэлээн барбыттара. Аттарын сыһыыга ыыппакка, дьиэ таһыгар аһатан, онтон хас да күн инниттэн улуус киинигэр киллэрэн, сорохторо паромунан айаннаан, Түгэхтэй алааһыгар мустубуттара.

75 миинэр миҥэ Боотулууттан, Дүллүкүттэн, Хороттон, Оҥхойтон, Харбалаахтан, Тамалакаантан, Ороһуттан, Балаҕаннаахтан, улуус кииниттэн, Үөдүгэйтэн, Кэнтиктэн тиийэ кэллилэр.

Тамалакаан нэһилиэгиттэн бу тэрээһиҥҥэ 14 мииниллэр ат, 11 улахан киһи, үс оҕо кыттар.

Алексей Руфов, Тамалакаан нэһилиэгин кулуубун дириэктэрэ, улуус Аҕаларын сэбиэтин салайааччыта:

Биһиги бу маннык историческай түгэҥҥэ кытта сылдьарбытыттан олус үөрэн, долгуйан турабыт. Тамалакаантан 14 буолан таҥаспытын-саппытын бэринэн, 14 аты илдьэ кэллибит. Улуу Кыайыы 75 сыла барыбыытыгар улахан суолталаах. Мин эһэм Никита Гаврильевич Руфов Сталинград сэриитигэр кыттыбыта, бааһыран кэлбитэ, 65 сыллаахха суох буолбута. Бу биир кэмҥэ, биир сиргэ улуус бастыҥ сылгыһыттара бары биир санаанан кэлбиттэриттэн олус үөрэн турабын. Бу параакка билиҥҥи ыччакка, оҕолорго сылгы мииниллэр миҥэ эбит диэн көрдөрүөхпүтүн наада, ону өйдүөхтэрин наада. Бу маннык элбэх ат сэлэлии хааман киирэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы буолуохтаах. Маны тэҥэ, саамай үөрэрим диэн, улуус олохтоохторо киин уулуссанан аттар сэлэлии хаамалларын бэйэлэрэ туруорустулар. Ол аата норуот бу көстүүгэ наадыйар, кэнчээри ыччакка киэн тутта көрдөрүөн баҕарар.

Бу тэрээһин өссө биир уратытынан — дойду ханнык баҕарар муннугуттан аттар парааттарын онлайн көрүөххэ сөп.

Санатар эбит буоллахха, 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Москва куоракка бастакы Кыайыы параада буолбута. Манна Саха сириттэн 14 киһи кыттыбыта, оттон быйылгы Кыайыы-75 сыллаах параадыгар 4 киһи кыттара биллэр.

This post was published on 24.06.2020 16:01 16:01