Дьааңы улууhуун бары нэhилиэктэрэ Кыайыы күнүн куйаар нөҥүө далааhыннаахтык көрүстүлэр. Суол баар кэмигэр матырыйааллары Дьокуускайтан аҕалан, Кыайыы сквердэрин саңалыы тупсардылар. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы түннүгэ», «Үйэлээх полк» аахсыйаларга кытыннылар.
Дьааҥы олохтоохторо Кыайыы күн куйаар ситиминэн ыытыллар аахсыйаларга кытыннылар. Түннүктэргэ сэрии, тыыл бэтэрээннэрин уонна сэрии сылларын оҕолорун мэтириэттэрэ туруорулуннулар. Бары нэhилиэктэргэ улуус баhылыгын Гаврил Ильич Чириков истиң эҕэрдэтэ тэңңэ иhиллиннэ. Улууска олорор тыыл бэтэрээннэрэ ол сэрии кэмнэрин ахтан-санаан туран мэтээллэрин иилиннилэр, дьаhалталартан истиҥ эҕэрдэлэри туттулар.
Адыаччы нэhилиэгэр олорор 90 саастарын ааспыт кырдьаҕас тыыл бэтэрээннэрэ Татьяна Спиридоновна Потапова, Мария Иннокентьевна Горохова, Семен Григорьевич Чириков: «Улуу Кыайыы 75 сылын көрсөр баҕа санаабыт туолла. Дойду болҕомто ууран үөрүүбүт улахан. Арай аттыбытыгар тэңңэ улааппыт дьоммут суохтара харааhыннарар«, — диэн ахта саныыллар.
Нэhилиэк бибилэтиэкэрэ Любовь Горохова «Тыыл бэтэрээнэ — бэриниилээх ааҕааччы» диэн ааптарыскай бырайыагын оройуон бибилэтиэкэтин ситимнэрин салайааччыта Оксана Горюнова өйөөн, үлэ ыам ыйын 9 күнүгэр түмүктэннэ.
Ол туhунан Любовь Контваровна маннык сырдатта:
— Тоҕус нэhилиэги хабан бибилэтиэкэ өңөтүнэн туhанар, ааҕар 16 тыыл бэтэрээннээхпит. Ааҕар тыыл бэтэрээннэрин тустарынан кылгас сибидиэнньэлэри уонна оройуон бибилэтиэкэтин фондатыгар үйэлээх матырыйаал хааллын диэн, интервью ылан аудио-устуу оҥоhулунна. Ол түмүгүнэн, ааҕааччы бэтэрээннэрбит дипломунан уонна өйдөбүнньүк бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
Верхоянскай куорат «Тускул» түмсүүтүн салайааччыта, Бүлүүттэн төрүттээх Вера Афанасьевна Старостинаҕа Кыайыы күнэ ордук чугас. Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр кыттыбыт буойуттары, ини-бии убайдыы-бырааттыы абаҕаларын уонна ийэтин, тыыл бэтэрээнин Мария Николаевна Васильева сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, «Үйэлээх полк» аахсыйаҕа кытыннылар, дьиэлэрин иhигэр парааттаатылар.
Вера Афанасьевна: «Ийэм кэпсииринэн фронтан кэлбит суруктары сэбиэт дьиэтигэр ааҕан иhитиннэрэллэрэ үhү. Убайа Игнатий Николаевич «Свердлов» колкуостан сэриигэ ыңырыллан барбыт, сэрииттэн хаңас илиитигэр бааһыран кэлбит. Кыргыдайга сэбиэккэ бэрэссэдээтэллээбит. 1945 с. ыалдьан өлбүт. Биир убайа Николай сэриигэ 1942 с. ыңырыллыбыт, 139 минометнай полка разведчига эбит. 1944 с. сэрии толоонугар охтубут. Орловскай уобалас Севскай оройуонугар көмүллэ сытар. Сэрии буолуон аҕай иннинэ убайдыы-бырааттыылар Егор-1, Егор-2 Дьааҥыга Эhэ-Хайа шахтатыгар кэлэн үлэлээбиттэр».