Кыайыы-75: Чурапчы үбүлүөйдээх параадын "Катюша", "ПО-2" самолет, Т-34 тааҥка киэргэтиэхтэрэ

Сахаларга былыр-былыргыттан хас түөлбэ ахсын сэдэх идэлээх, араас дьоҕурдаах дьон үөскээн-төрөөн олорбуттара. Кинилэртэн уһулуччуларын  суон сураҕа, үрдүк аата кэрэ кэпсээн буолан киэҥ сиринэн тарҕанара. Мин бүгүн суруйар киһим Александр Александрович Попов – Чурапчы улууһугар эрэ буолбакка, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрт сэдэх таксимердист (кыыллар, көтөрдөр чуучулаларын оҥорооччу) идэлээх. Итини таһынан Сэбиэскэй Сойуус фашистскай Германияны кыайыытыгар сүдү оруолу ылбыт байыаннай тиэхиньикэлэр макеттарын оҥортуур.


Чурапчы олохтооҕо Александр Александрович Попов үлэтин-хамнаһын билсэ, уһаайбатыгар тиийбиппэр, бастаан, тэлгэһэтигэр анал миэстэҕэ туруоруллубут байыаннай тиэхиньикэлэри көрдөрдө, онтон чуучулаларынан  экспозициялары оҥортоон,  көрдөрүүгэ туруорбут мусуой-дьиэтигэр сырыттыбыт. Иҥэн-тоҥон көрөн баран, мастарыскыайыгар киирэн ирэ-хоро кэпсэттибит.

Мастарыскыайга маһы хайытар, устуруустуур станоктар, үүттүүр универсальнай дреллэр, араас этибиэркэлэр, чыскылар, о. д. а. анал миэстэлэринэн, истиэнэни толору тураллар. Кыра да улахан да оҥоһуктарга туттарга аналлаах инструмент, мин көрүүбэр, толору баар. Ол эрээри  Сан Саныч (дьоно-сэргэтэ иҥэрбит таптал аата) туттар сэбин-сэбиргэлэрин кэмиттэн-кэмигэр саҥардан, тупсаран иһэрин кэпсиир. Бу кэмҥэ тириини имитэр станок оҥороору, шестеренкалары муспутун көрдөрдө.

Бастатан туран, чуучулалары оҥоруу туһунан ыйыталастым.

— Бу идэ дуу, дьоҕур дуу?

— Ханнык баҕарар киһиэхэ талаан, дьоҕур бэйэтигэр кистэнэ сылдьар. Ону сайыннарыахха, чочуйуохха наада. Итиниэхэ, биллэн турар, сүрэх-бэлэс, билии-көрүү, дьаныар, тулуур наада. Айылҕаттан бэриллибит, эбэтэр удьуордарын утумнаабыт киһи олох аҕыйах буолар. Дьоҕуру сайыннаран, үөрэнэн идэ оҥостуохха сөп.

Аан бастаан чуучула оҥоруутугар 1972 сыллаахха боруобалаабыт. Күһүҥҥү булт кэмигэр Кындалга туртаһы бултаабыттарын төбөтүн көрдөөн ылан, көҥдөйдүү сүлэн иһигэр оту бытарытан симпит, хараҕар массыына фаратын лаампатын укпут. Итини биллиилээх тустуук Вячеслав Карпов түбэһэ көрөн, сүрдээҕин хайҕаабыт, салгыы дьарыктанарыгар сүбэлээбит. Мырылаҕа туруйа оҕотун өлөрбүттэрин тириитин сүллэрэн аҕалан, туустаах ууга уган иһигэр туустаах баата симэн, хараҕар банаар лаампата уган баран куурдубут. „Ыарахана бэрт буолан, уйбакка суулла сылдьар этэ“, — диэн күлэр. Бэрт өр кууран уйуттар буолбут. Ити кэмҥэ чуучуланы оҥорор туһунан ханнык да  уопут, аналлаах литэрэтиирэ  суоҕа. Онон бэйэтин толкуйунан, табыллыа дии санаабытынан оҥортообут. Сыыйа-баайа атын кыыллар төбөлөрүн, бэйэлэрин чуучулаларын оҥортоон барбыт.

Мирнэйгэ баар госпромхоз үлэһиттэрэ чуучуланы сакааһынан оҥорон атыылыыллара. Бу тэрилтэ эстибитин кэннэ, үс киһи Ленскэйгэ көһөн кэлбит. Ити кэмҥэ Сан Саныч Ленскэйгэ үлэлиирэ. Онон бу дьонтон чуучуланы оҥоруу быраабылатыгар, технологиятыгар үөрэммит. Үһүөн Сергей диэн ааттаахтара. Таксимердия мусуойугар үлэлээбиттэр. Онон билиилэрэ-көрүүлэрэ сүрдээҕэ, анал литэрэтиирэлээхтэрэ. «Кинилэр бу хайысхаҕа үүнэрбэр-сайдарбар улахан оруоллаахтар«, — диэн ахтар.

Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 375 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус-быыстапкаҕа кыттыбыт. Ол туһунан маннык кэпсиир: «Кыттааччы аҕыйах этэ. Дьүүллүүр сүбэ сыанабылын ахсарбатаҕым. Миэнэ ахсаан, хаачыстыба да өттүнэн ордуктара курдуга. Үһүс миэстэ буолан анал грамотанан, мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Бу быыстапканы хаста да киин тэлэбиидэнньэҕэ  таһаарбыттара.  Онно наар мин чуучулаларым көстүбүттэрэ«.

Сан Саныч чуучулалара элбээн испиттэрэ, анаан-минээн кэлэн көрөөччүлэр да баар буолбуттара. Онон 2003 сыллаахха аҕатын Василий Романов дьиэтигэр мусуой  аһарга быһаарыммыта. Дьон-сэргэ, ордук оҕолор  кыылы-сүөлү, кинилэр олохторун-дьаһахтарын билистиннэр, айылҕаҕа чугас буоллуннар диэн санаанан салайтарбыта. Маныаха  кыыллар майгыларын-сигилилэрин көрдөрбүтэ, остуоруйа дьоруойдарын үтүгүннэрбитэ. Ойуур быыһыгар саһан олорор куобах, ууга уста, кытыытыгар сынньана олорор кустар, колобогу албынныр саһыл, айболит луохтуур  эмтиир кыылларыныын, о. д. а. бааллар. Чуучула өр турдаҕына, эргэрэрин бэлиэтиир. «Тирии ис өттүгэр кытары сыалаах буолар. Онон куурдаҕын-хаттаҕын аайы аччаан-куччаан, тардан иһэр. Ону эрдэттэн туругун көрөн реставрациялыахха наада. Олох эргэрдэхтэринэ атынынан солбуйабын», — диир кини.

Мусуойа – үтүө санааланыы мусуойа. Көрүүгэ сыананы быспат, ким төһөнү төлүүрүнэн. Киирбит харчыны сыл бүтүүтэ улуустааҕы инбэлиитэр уопсастыбаларыгар биэрэр. Холобур, быйыл киирбит харчыга бэйэтэ эбэн, 50 тыһ. солк. биэрэр. Барыта холбоон 400 тыһ. солк. буолбут. Бу дьоҥҥо көмөлөһөр хас биирдиибит ытык иэспит буолар диир кини.

Кэпсэтиибит аны байыаннай тиэхиньикэлэри оҥороругар  туһаайылынна. 2005 сыллаахха Улуу Кыайыы 60 сыла  дойду үрдүнэн киэҥник бэлиэтэммитэ. Улуус  салалтата бу даатаны байыаннай параадынан бэлиэтииргэ былааннаммыта. Ол кэмҥэ кылаабынай бырааһынан үлэлээбит  Владимир Сотников Сан Саныч дьоҕурун билэр буолан, бу параакка кэллэктиип холуоннатыгар байыаннай тиэхиньикэ оҥорон киллэриэххэ диэн этии киллэрбитэ. Ити муус устар ортото этэ. Тимиринэн уһана илик буолан ыарыҕаттар даҕаны, тута сөбүлэспитэ. Балыыһаны тутууга үлэлиир нууччаларга киирэн көрдөһөн, пушка оҥорорго уоһун сыбааркалаппыта. „Хата, оскуолаҕа нууччалыы үөрэммитим, бу тылы толору баһылыырым, „убайдары“  кытары бэйэлэрин туттар тылларынан бал-бааччы кэпсэппитим, кинилэргэ сөптөөх „кэһиим“ улаханнык көмөлөспүтэ“, — диэн күлэ-үөрэ ахтар. Атынын фанеранан оҥорон параакка кыттарга бэлэм буолбута. Кырааскалаан, Газ-66 массыынаҕа тиэйбиттэрэ. Сөп буола-буола салют ытыалыы испитин  дьон-сэргэ үчүгэйдик  өйдүүр. Итини 12-лээх саанан оҥорбута.

Ити күһүн Чурапчыттан төрүттээх летчица Вера Захарова көппүт „ПО-2“ самолетун испиискэ хаатыгар баар ойууттан, сөптөөх кээмэйигэр тиийэ улаатыннаран, макетын оҥорбута. Бэс, ДВП матырыйаалынан  оҥорон, 2006 сыл Кыайыы параадыгар кытыннарбыта. Макеттарын кээмэйин 1х1 масштабынан, ол аата дьиҥнээх бэйэтин курдук оҥортуур. Онон самолету 8 киһи нэһиилэ кыайан массыынаҕа уурбуттара.

2015 сылга аны Т-34 тааҥка макетын оҥорууга туруммута. Итиннэ интэриниэти туһаммыта.  Москваҕа быраатыгар — генерал Ефрем Романовка күүлэйдии сылдьан бу тааҥканы көрбүтэ, тааҥкалар тустарынан анал кинигэни атыыласпыта. Макет элбэх үлэни эрэйбитэ. Холобур, көлүөһэлэрэ 6 хос 5-тээх хаптаһыны ыпсаран оҥоһуллубута. Уоһа төбөтүн диэки сыыйа-баайа кыччаан иһиэхтээх. Көмөлөһүүгэ олох мындыр, этэргэ дылы,  „көмүс илиилээх“ дьон наада этэ. Баҕалаах элбэх этэ даҕаны, сорохтор ити ирдэбилгэ эппиэттээбэттэрэ. Олус элбэх матырыйаал киирбитэ, 3 туонна кэриҥэ ыйааһыннаммыта. Онон параакка кытыннарарга анал кырааны аҕалан, КаМАЗ массыынаҕа тиэйбиттэрэ.

Бу макеттар эмиэ эргэрэллэр, араас деталларын уларытыы, саҥардыы наада буолар. Быйыл сайын Болтоҥоттон  быраата Петр Кривошапкин анаан-минээн кэлэн көмөлөспүтүн  махтана  ахтар. „Сүрдээх сатабыллаах, мындыр, сороҕор бэйэбин сүбэлиир буолан абыраабыта“, — диир. Маннык айар-тутар үлэтиттэн дуоһуйууну ыларын этэр.

Быйылгы үбүлүөйдээх сыл параадыгар „Катюша“, „ПО-2“ самолет, пушка киириэхтэрин сөбүн этэр. Уопсайынан, мусуойун оҥорууга, макеттарын саҥардыыга улуус, нэһилиэк салалталара көмөлөһүөхтэрин сөбүн бэлиэтээтэ.

Александр Александрович улууспутугар доруобуйа харыстыбылыгар уһуннук үлэлээбит бырааһынан биллэрин таһынан, дьон доруобуйатын туругун тупсарыыга, ыарахан ыарыыттан быыһааһыҥҥа олус улахан суолталаах хаан ылыытын сулууспатын салайбыта. „1987 сыллаахтан бу хайысхаҕа дьарыктаммытым. Эрдэ хаан ылыыта биирдиилээн эмэ баар эбит. Бастаан саҕалыырга ыарахан этэ, усулуобуйа да суоҕа. Кыараҕас хирургия хоһугар биир холодильник турара. Дьон хаан биэрэртэн туттунара, куттанара. Бастайааннай биэрээччи аҕыйаҕа — Мария Эверстова, Спартак Слепцов, Елизавета Попова, Константин Платонов, Егор Гоголев, Михаил (аппаала) этилэр. 1994 сыллаахха хаан  ылар, биэрэр, бэлэмниир саҥа дьиэ киириэҕиттэн сайдан, кэҥээн барбыппыт. Бэйэм донорбын. Барыта 140-чата хаан биэрбитим. Улууспутугар билигин 40-ча Бочуоттаах донор баар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу хайысхаҕа тыа сирин улуустарыгар бастыҥынан буолабыт. Балыыһаларбын кытары сибээһи быспаппын. Консультант быһыытынан ыҥыраллар, сүбэлэтэллэр“, — диэн Александр Александрович кэпсээнин түмүктүүр.

Бэйэтин туһунан ыйыталаспыппар бэрт аҕыйах тылынан билиһиннэрдэ. 1951 сыллаахха төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт – төрдүөлэр. 1978 сыллаахха Дьокуускайдааҕы эмтиир факультеты бүтэрэн, лор быраас идэтин ылбыт. Үлэтин Ленскэй оройуонун  киин балыыһатыгар саҕалаабыт. 1984 сыллаахха Чурапчы киин балыыһатыгар ананан, 2017 сылга диэри үлэлээбит. Барыта 40 сыл үлэ ыстаастаах, итинтэн 35 сылын Чурапчыга үлэлээбит. Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина, ССРС доруобуйа харыстабылыгар  туйгуна, РФ доруобуйа харыстабылыгар үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна Чурапчы улууһун бочуоттаах донора.  Кэргэннээх, 3 оҕолоох.

This post was published on 03.03.2020 10:58 10:58