Баатаҕай олохтооҕо Христина Петровна Старостина 1941 с. уоттаах сэрии саҕана алталааҕа. Кини адьас кыратыгар аҕата өлбүт. Ийэтэ Анна Дмитриевна биэс оҕону бэйэтэ ииппит, Тулаайах Аана диэн ааттыыллара үhү. Дьааҥы улууһун ытык кырдьаҕаһа, ытыктанар бэтэрээн Кыайыы үбүлүөйдээх күнүн этэҥҥэ көрсөр. Ыччат дьонугар сүбэ-ама буолан, ааспыт олох кэрэһитэ буолар.
Христина эдьиийинээн Дашалыын сэрии ыар кэмнэригэр таайдарыгар Испиэннээххэ Алыһардаахха олорбуттар. «Быыкаан балаҕаңңа элбэх да киhи олороро. Таайдааҕым биир оҕолоро өлбүтүгэр, балаҕаңңа миэстэ суоҕуттан, ол өлбүт оҕону биhиги утуйар ороммутугар, атахпытыгар ууртара. Убайым атах сыгынньах сылдьара. Аччыктаан, ыал ас биэриэ диэн, ыалы кэрийэрэ да, кураанах кэлэхтиирэ» — диэн бэтэрээн оҕо сааhын санаан ахтан ааhар.
Христина уон сааhытан от, сүөhү үлэтиттэн кыракый илиитин араарбатах кыысчаан, кэлин улаатан холкуоска сүөhү итиитигэр үлэлээбит. «1958 с. кулун тутар ый бүтүүтэ бүрүссүлүөстээбит сүөhүлэри көрүүгэ Ынах күөлүгэр билэр кыыспын Ольганы кытта ыыппыттара. Балааккаҕа олорорбут, ынахтар торбостоон кэбиhэллэрэ«, — диэн кэпсээнин салгыыр.
Христина Петровна Алыhардаахха тұөрт сыллааҕыта туттарбыт балаҕаныгар саас ахсын тиийэн, кыhыңңы суол туруор дылы сынньанар. Онно сылдьан үрэх тааhын, эриэкэс быhыылаах силистэри хомуйан, Баатаҕайдааҕы дьиэтигэр илдьэ кэлбитин хос мааны муннугар туруорар. «Кэлин тиит удьурҕайын сэргээн аҕалар буолбутум. Бэлтэhэн, күлтэhэн үчүгэйдэрэ бэрт. Ууга ибили оргутан ыраастаан туруорабын«, — диир.
Хоhугар киһи сэргиир кэллиэксийэтэ элбэх. Киирээккин кытта күлтэриспит удьурҕайдар харахха ордук быраҕыллаллар.
«Дьокуускайтан кэлбит геолог үүттээх таастарбын көрөн баран, миэхэ улахан таас баар диэбитэ. Сотору барабын, ыппын хааллардахпына көрөрүң буоллар, ол тааhы биэриэм этэ диэбитэ. Таас ыарахана бэрт, бэйэң ыллаттараар диэн өссө көрдөспүтэ», — диир Христина Петровна күлэ-күлэ. Онон 10-тан тахса киилэ ыйааhыннаах сымара таас хаһаайката буолбут. Сибэтиэй уунан таастарын сыл ахсын сууйан ыраастыыр, бу да Кириhиэнньэҕэ сууйталаабыт.
Дьиэ уораҕайын 1941-45 сыллардааҕы маллар, тээбириннэр киэргэтэллэр, оччолордооҕу бэйэлэрин миэстэлэриттэн халбарыйбакка турарга дылылар. Арай кэллиэксийэни көрөөччүлэр тиийдэхтэринэ эрэ миэстэлэриттэн хамныы түhэллэр.
Христина Петровна кэргэнинээн Егор Иннокентьевичтыын 40-тан тахса сыл эйэ дэмнээхтик олорбуттара. Христина оҕо сааhа ааспыт сириттэн өйдөбүнньүк кэриэтэ арааhы аҕалан мунньарын, олоҕун аргыһа маңнай сэргээбэтэ. Ити эрээри былыргы алтан, тимир иhит-хомуос, соҕотох атахтаах чорооннор дьиэ ис бараанын сахалыы тыыннаабыттар. Онон Егор кэлин кэргэнин кэллиэксийэлиирин өйүүр буолбут.
Манна номоххо киирбит Бахаа баай да иhиттэрэ баар буолуохтарын сөптөөх. Алыhардаах эргин биллэр баай дьон олорон ааспыттарын өтөрдөөҕүгэ диэри турбут аҕыстыы муннуктаах балаҕаннар, сэргэлэр кэрэhэлииллэр.
Куруук мичээр кыыспыт үлэ бэтэрээнэ, Дьааңы Бочуоттаах олохтооҕо
Христина Петровна: «Оччотооҕу олоххо оҕо, дьон киhи аччыктыыра, эмп-том да суоҕа. Билигин баай-талым олох кэллэ. Оо, оҕо сылдьан хаатыңка диэн таңаска ымсыырарым, атаҕым наhаа да тоңоро. Сайыны быhа атах сыгынньах сылдьыы, ынах тириитэ этэрбэhи күhүн биирдэ кэтэрдэллэр. Оо, оччоҕо сылаас да курдуга. Этэрбэспит маай бырааhынньыгар параад кэнниттэн ибили илийбит буолааччы… Кыайыы 75 сыла ол оҕо сааспын санатар«, — диэн ұөhэ тыынар.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА