Дьааҥыга Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Кыайыыга Уруй!» диэн нэһилиэк күнүн эстафетатын Адыаччы нэһилиэгэ тутта. Нэһилиэк баһылыга Иннокентий Юмшанов салайааччылаах 90 киһи сэттэ массыынанан уонна автобуһунан улуус киинигэр киирэн, улахан түһүлгэни тэрийдилэр.
«Кыайыыны көрсө» төгүрүк остуолу улуус баһылыгын солбуйааччы Олег Михайлович Репкин иилээтэ, улуус салайааччыларын уонна Адыаччы нэһилиэгин ахтыыбын кытта олох-дьаһах, үөрэх, экология, култуура туһунан киэҥ кэпсэтии ыытылынна.
Кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Акимов «Сэрии сылларын сүппэт туоһулара» кинигэ ааптара сэрии кэмнэригэр үлэлээн, үөрэнэн ааспыт дьон туһунан 400 докумуоҥҥа, уураахтарга, боротокуолларга олоҕуран суруллубут, сотру кэминэн тахсыахтаах кинигэтин сырдатта. Кини сэрии кэминээҕи 260 үөрэнээччи испииһэгин хомуйбутун, 130 Cталин төбөлөөх мэтээллээх дьонтон билигин 93 саастаах Татьяна Спиридоновна Потапова эрэ баарын эттэ. Адыаччы оскуолатыгар үлэлээн ааспыт учуутал буойуттар тустарынан кинигэтэ Дьааҥы үөрэҕириитэ 90 сылынан күндү бэлэх буолуоҕа. Адыаччы олохтооҕо, Аҕа дойду уонна Япония сэриитин кыттыылааҕа Константин Васильевич Чириков уонна үлэ, тыыл бэтэрээннэрин туһунан экраҥҥа киэҥник таҥыллыбыт матырыйааллар көһүннүлэр.
«Снежный барс» күрэх үс төгүллээх кыайыылааҕа, 115 үөрэнээччилээх Адыаччы оскуолатын иһинэн «Үүнэр көлүөнэ армеецтара” оройуоннааҕы хамсааһын тэриллэр буолла.
Фойеҕа патефонунан сэрии кэмин ырыаларын доҕуһуолунан дьаарбаҥка-быыстапкаҕа, истиэндэлэри тула дьон тоҕуоруһа муһунна. Бибилэтиэкэр Любовь Горохова оҥорбут 18 боппуруостаах “Кыайыы-75» блиц-кроссвордун таайаары уруучукалаах дьон үмүөрүстэ.
Тэрээһин биир үөрүүлээх түгэниниэн тыа сирин аһын-үөлүн быыстапка-атыыта буолла. Адыаччы билин, чыырын, соботун, сылгы, ынах этин, сир, үүт астарын хото атыыластылар. Баатаҕай олохтооҕо «Налык» кинигэ ааптара Лариса Попова «Алыһардааҕым куобаҕын атыыластым. Куобахпыт үөскүүрэ буоллар абырыа этэ. Истиэндэлэри көрөн оҕо сааспын санаан ыллым», — диэн санаатын үллэстэр.
Куобах, балык тутуурдаах кырачаан уолаттар дьиэлэригэр бара охсон Байанай бэрсибит астарын амсайыахтарын баҕаран «Кубаҕы бүтүннүүтүн да сиэм этэ», «Оттон мин бу балыгы убайбар, иккиһин бэйэбэр» диэн отур-ботур кэпсэтэллэр.
«Адыачаана» үҥкүү ансаамбылын айар кэнсиэригэр чаас инниттэн саала туолла. Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин дириэктэрэ Маргарита Тоскина «Уоттаах сэрии кэмин көрдөрөр байыаннай кэмтэн саҕалаан эйэлээх олоҕу кэпсиир улахан кэнсиэргэ хас да бөлөх кыттар. Ааспыт сыл Баатаҕайга 70 киһи кыттыылаах түһүлгэни тэрийбиппит», — диэн сырдатар.
Дьааҥылар Кыайыы 75 сылын кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ долгуйа кэтэһэллэр, ыччат, үүнэр көлүөнэ Улуу кыайыыны уһансыбыт дьоруойдар ааттарынан киэн тутталлар.
Ааптар: Раиса Чирикова
This post was published on 10.02.2020 09:32 09:32