Кыһын уонна муода. Дьокуускайга Arctic fashion show бэстибээл буолла

Дьокуускайга үһүс төгүлүн Arctic fashion show муода көрдөрүүтэ буолла, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстилээл чэрчитинэн. Саха сириттэн 25 саҕалааччы уонна биллэр дизайнер кытынна, суруйда СИА.

Тэрээһини биллиилээх саха модельера Варвара Филиппова сырдык аатыгар анаатылар. Кини  Arctic fashion show муода бырайыагын ааптарынан буолар. Чуолаан кини Арктикаҕа креативнай олох сайдыытыгар сүҥкэн хардыы оҥоһулларыгар олук уурбута.

«Варвара Arctic fashion show музата этэ. Элбэх креативнай толкуйдаах дьону мунньан, биир хайысхаҕа туһаайар улахан үлэттэн тахсар. Биһиэхэ Россия, аан дойду таһымыгар тахсар былаан баара, Арктика регионнарын хабар санаалаахпыт. Биһиги сорукпут — Варвара Филиппова бу санаатын олоххо киллэрии буолар», — диэтэ предпринимательство миниистирэ Ирина Высоких.

Дизайнердар Арктика кэрэ көстүүтүн, тыйыл айылҕатын, култууратын, саха норуотун үгэстэрин, экология кыһалҕаларын, аныгы муода дьайыытын көрдөрдүлэр.
Мария Васильева хаартыскалара, СИА

This post was published on 03.12.2021 17:01 17:01