Кыһыл Сыырга "Сахатранснефтегаз" саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

Саха сирин гааһын салаатын сүрүн хампаанньата Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр саҥа административнай эбийиэги киллэрэр тэрээһинэ буолла. Иэнэ 1500 кв.м., дьиэ сырдык, ыраас, сылаас. Кабинеттар киэҥнэр. Тутууну социальнай өттүн барытын көрөн оҥорбуттар.


Кыһыл Сыырдааҕы саҥа эбийиэги үлэҕэ киирэр бэлиэтин — аалай лиэнтэни Ил Түмэн дьокутаата, хампаанньа кылаабынай инженерэ Александр Гоголев, хампаанньа генеральнай директорын геологияҕа уонна буурга солбуйааччыта Александр Попов уонна гаас хостооһунун уонна тырааныспарын салалтатын Кыһыл Сыырга прозводственнай базатын начальнига, саҥа эбийиэк хаһаайына Виталий Ильченко быстылар.

Символическай күлүүһү бэдэрээтчит «Строй-экспресс» ХЭТ директора Амридин Саъдоллоев туттарда.

«Биһиги бу иннинэ урукку кыараҕас дьиэҕэ үлэлии олорбуппут. Сорох сулууспаларбыт атын сиргэ бааллара. Билигин саҥа дьиэбит киэҥ-куоҥ, бары биир сиргэ түмүстүбүт, онон үлэ таһаарыылаах буоларыгар төһүү буолар. Тутуубут 2018 сыл атырдьах ыйыттан былааннанан, бу сыл алтынньытыгар тутуллан бүппүтэ. Үлэлиир усулуобуйа үчүгэй буоллаҕына көдьүүс да улаатар», — диэн этэр Владимир Заровняев, магистральнай газопроводтар линейнай управлениетын начальнига.

«Манна үлэһиттэр эрэ буолбакка, олохтоохтор эмиэ сылдьаллар, гаас иһин төлөбүр оҥоруохтара. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эмиэ хайа баҕарар киирэр-тахсар кыахтаахтар. Саҥа дьиэ киириитэ аҥардас биһиги хампаанньабытыгар эрэ буолбакка, бүтүн Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр кытта улахан суолталаах. Эбийиэк киириитэ бу хаһан баҕарар сайдыы бэлиэтэ. Үчүгэй усулуобуйаҕа үлэлээн, өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун гааһынан хааччыйыыга өссө күүскэ ылсыахпыт», — диир Виталий Ильченко.

Ааптар: Наталья Бубякина, СИА-ҕа анаан.

This post was published on 28.11.2019 13:28 13:28