20 Муус устар 20.04
  • -1°
  • $ 93,44
  • 99,58

Кыһыл Сыыр ыалыгар хаар эбэ ыалдьыттаата

17:01, 05 ноября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Аартыка хаар эбэтэ хоту дойду — Үөһээ Дьааҥы кыыһыгар анаан кэлбит» диэн дьикти сурах бэрт суһаллык Бүлүүнү тилийэ көтөн, Дьааҥыга кэлбитэ. Бүлүү Кыһыл сыырыгар олохсуйбут Дьааҥы кыыһа Наана төрөөбүт Адыаччытыгар ыыппыт сонунун тула кэпсэтии да, ытырыктатыы да буолла.


Күн бэҕэһээ, Наана билиҥҥи олорор дьиэтигэр олорбуттара сэттэ сылын бэлиэтиир күнэ норуот сомоҕолоһуутун кытта биир күҥҥэ түбэспит үөрүүтүн бэлиэтээри ас астана сырыттаҕына, эбиэт иннинэ ыаллыы олорор киһи киирэн тиэргэҥҥэ Хаар эбэ (Полярная сова) оҕото кэлэн олорорун туһунан биллэрбит.

«Кэтэспэтэх ыалдьытым — хаар эбэ оҕото миигин тонолу көрөн баран, хараҕын үстэ симириктэттэ. Маҥнай куттанным, тоҕо мин тиэргэммэр кэлбитин итэҕэллээх дьонтон сураһан, уоскуйан харысхал бэлиэтин курдук ылынным. Сүрдээх кэрэ дьүһүннээх, оҕото да буоллар, улахан баҕайы көрүҥнээх этэ. Хайдах эрэ сэниэтэ суоҕуттан оҕолорбунаан аһаттыбыт», — диэн Наана кэпсээтэ.

«Ойуурга-тыаҕа сырыттахпына сынньанан күүс-сэниэ ылабын, эмтээх от-мас хомунар буолтум син ыраатта. Оҕо эрдэхпинэ быраас буолуохпун баҕарар этим. Бу күннэргэ бэс мас лабыктатын (түүтүн) хомуйан, куоракка сакаастаабыт киһиэхэ ыыттым. Эбэҥкилэр былыр маны астарыгар холбоон сииллэр үһү. Зоб ыарыытыгар көмөлөһөр эбит диэн быһаардым. Ол курдук бэс эриэхэтин оргутан сироп оҥостон иһэбит, оттон барыанньалаабыппын Дьааҥым дьонугар Эҥэлэргэ ыыттым», — диэн Наана ис сүрэҕиттэн үөрэ кэпсиир.

Наана биэс кыыс оҕолоох мааны хотун ийэ. Социальнай үлэһит быһыытынан кырдьаҕастарга көмөлөһөр.

«Кыһыл сыырга бырамыысалыннас сайдыытыгар аан бастаан кэлэн олохсуйан хаалбыт тулаайах, соҕотох дьоҥҥо көмөлөһөбүн. Манна 2004 сыллаахха маҥнай көһөн кэлэрбитигэр саха ыала суоҕун кэриэтэ этэ. Билигин сылтан сыл аайы элбээн иһэллэр, бары түмсүүлээхтик олоробут», — диир.

Хаар эбэ араҥаччылаах Наана Бүлүүнү олус сөбүлүүрүн уонна маҥан хаарынан бүрүммүт төрөөбүт Дьааҥытын ахтарын этэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА