Кыһыл Үрүйэтээҕи "Утум" түмсүү талба талааннааҕа

Киһи барахсан олорорун тухары кэрэни кэрэхсээн, үчүгэйтэн үөрэн, бэйэтэ айан-тутан астынан, кэскиллээҕи оҥоро сатыыр. «Утум» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта  Дарья Гаврильевна Константинова туһунан кэпсиибин. Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ дэриэбинэтигэр кини салайар иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ таһаарыылаахтык айа-тута үлэлээбитэ 5 сылын туолла.


Дарья Гаврильевна Малдьаҕар аҕа уустарыттан  төрүттээх  норуот маастара, элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ. Тарбаҕар талаанын иистэнньэҥ ийэтиттэн, уус аҕатыттан утумнаабыт.  13 сааһыттан саҕалаан, сайыҥҥы сынньалаҥар Покровскайдааҕы быткэмбинээккэ үлэлиир ийэтигэр Дарья Николаевнаҕа көмөлөһөрө. Ол сылдьан истэнньэҥнэр үлэлэрин интэриэһиргээн, сыныйан көрөрө, сатабылларын үөрэтэрэ. Манна аналлаах таҥас тигэр сыахха үлэлээн, бастакы хамнаһын аахсыбыта.

Хас да сайын үлэлээн, харчы аахсан плиссе дьууппа, оскуолаҕа кэтэр былааччыйа тиктэрэн, модницанан биллэрэ. Илиитигэр ыраас туттуулаах кыыһы аҕата мас ууһа Гаврил Семенович мастарыскыайыгар түннүк арааматын оҥорорго көмөлөһүннэрэрэ. Кыракый уустуруус биэрэн мас суордарар. “Оҕом олус көнөтүк устуруустуур”, — диэн кыыһын хайгыыра. Ити курдук эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарбакка кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үлэни  таптыырга үөрэппиттэрэ. Кэлин  оҕолонон-урууланан баран, үлэтин  быыһыгар   таҥас-сап,  наскытыттан сибиитэрэҕэ тиийэ олус элбэҕи баайара.

“Тарбахтарыгар талааннаах  дьоҥҥо төрөөбүт буоламмын кыра эрдэхпиттэн кэрэни кэрэхсии улааппытым. Биэнсийэҕэ тахсан баран Светлана Даниловна Киприянова салайар “Сандаарар ситим” духуобунай түмсүүтүгэр киирэн тус олохпор элбэҕи эбиммитим. Бу түмсүүгэ уйулҕа-трениннэргэ, маастар-кылаастарга сылдьыбытым. Ылбыт билиилэрбин олохтоох дьону кытта үллэстэн оскуолаҕа, кулуупка маастар-кылаас ыытар буолбутум. Кэлин норуот маастара иистэнньэҥ Вера Варфоломееваҕа кыбытык тигиигэ үөрэммитим. Кыбытык тигиини интэриэһиргиир дьүөгэлэрбин мунньан  туспа иис түмсүүтүн тэриммиппит. Түмсүүбүтугэр сэттэбит: оҕо уһуйааныгар өр кэмнэргэ үлэлээбит Слепцова Раиса Петровна, атыы-эргиэн  бэтэрээнэ Антипина Евдокия Дмитриевна, бэтэринээр Егорова Валентина Николаевна, үлэ бэтэрээннэрэ Лазарева Зинаида Мартыновна, Егорова Мария Семеновна, саамай эдэрбит учуутал Попова Евдокия Анатольевна. Мустан сүбэлэһэр-иистэнэр миэстэбитинэн кулууп буолар. 2017 сыллаахха толору ат симэҕин тикпиппит уонна былырыын саҥа кулууппут  арыллыытыгар  нэһилиэнньэҕэ  бэлэх оҥорбуппут. Бэйэм бу биэс сыл тухары сукунанан 30-тан тахса кыбытыктаах үлэни тиктим. Саха сирин норуодунай худоһунньуга Анна Николаевна Зверева салайааччылаах айар бөлөххө киирэммин, аан дойду таһымнаах быыстапкаларга омук сирдэринэн уонна Россия куораттарынан сырыттым. Элбэх тэрээһиннэргэ кыттан, билиим кэҥээн учууталбар Анна Николаевнаҕа махталым муҥура суох. Кэлин үс сылга Суздаль куоракка сылын аайы ыытыллар “Душа России” диэн аан дойдутааҕы фестивальга Хаҥаластан маастардар кыттар буоллубут. Манна барар-кэлэр дьон түбүктэрин быһаарар гына сүрүннээччинэн салайааччыбыт миигин анаабыта улахан эппиэтинэстээх. Биир дойдулаах иистэнньэҥ далбар хотуттарбынаан уонна үөрэнээччилэрбинээн Нестерева Галина Гаврильевналыын, Петрова Светлана Михайловналыын, Герасимова Христина Гаврильевналыын, Слепцова Раиса Петровналыын, Антипина Евдокия Дмитриевналыын араас куораттарынан сылдьан быыстапкаларга кыттан, маастар-кылаастары ыытан, астынан кэлбиппит. Үлэлэрбит 5 сыл тухары Норвегия, Япония, Италия  омук сирдэринэн, Россия биэс куоратынан көһө сылдьар быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Түмсүүбүт сыралаах үлэтэ  сыаналанан,  2019 сыллаахха Слепцова  Р.П. “ 65-летие России в ЮНЕСКО” анаммыт научнай-практическай конференцияҕа кыттан, сертификат ылбыта. Аан дойдутааҕы “Лоскутное поле мира” фестивалы тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Римма Быбина кытары сибээспитин быспаппыт. 2024 сылга Суздаль куорат 1000 сылыгар ананан ыытыллар  Аан  дойдутааҕы фестивальга кыттаары былааннанабыт», — диэн кини кэпсээтэ.

Бу барыта дьиэ кэргэнэ — олоҕун аргыһа Анатолий Федотович уонна оҕолоро, кулуубун үлэһиттэрэ, олохтоох дьаһалта, улуус култууратын өйөбүлүнэн кэлбит  ситиһиилэр буолалларын бэлиэтээтэ, онон кинилэргэ истиҥник махтанарын эттэ.

Дойдуларыгар 2009 сылтан  «Булуус» туристическай комплексын тэрийэн, дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэр. Туристарга анаан олохтоох дьоҥҥо сувенир оҥотторон атыылыыр, тикпит сахалыы таҥаһы-сабы, туттар тэриллэри көрдөрөн, саха норуотун култууратын пропагандалыыллар.

Бу курдук төрөөбүт нэһилиэгин, Ханалас улууһун маастардарын уус-уран оҥоһуктарын аан дойду таһымыгар таһааран көрдөрөр, сырдатар  Россия потребкооперациятын туйгуна, норуот маастара  Дарья Гаврильевна Константинова.

This post was published on 09.11.2020 18:01 18:01