«Киһини үлэ киэргэтэр, үлэ – олох үрдүк муудараһа» – диэн төрөппүттэрбит кыра эрдэхпититтэн эппит тыллара биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыт. Ону тэҥэ кинилэр үтүө холобурдарынан бары үлэни өрө тутар, үөрэхтээх, идэлээх дьон буолан олоробут», – диэн быйыл ыал буолан олорбуттара 50 сылын, кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит Мария Алексеевна уонна Юрий Егорович Кривогорницыннар оҕолоро үөрүүлэрин үллэстэллэр.
Уус Алдан улууһун Бороҕон с. олохтоохторо Кривогорницыннар алта оҕоҕо күн сирин бэлэхтээбиттэрэ. Оҕолор билигин бэйэлэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аатын чиэстээхтик сүгэ сылдьаллар, эбээ-эһээ буолар дьолу биллилэр.
Улахан кыыс Сардаана Табунанова – СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, медицинскэй киин офтальмологияҕа отделениетыгар үлэлиир; Ньургустаана Гуляева – СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна каадырга отделын начальнига; Александра Охлопкова – предприниматель; Юрий Кривогорницын – «Североагростроймонтаж» ХЭУо дириэктэрэ, СӨ Бырабыыталыстыбатын Бочуотунай грамотатынан, «Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Байаҕантай уонна I Өспөх нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина; Егор Кривогорницын – предприниматель.
Дьолу үлэ түстүүр
Мария Алексеевна уонна Юрий Егорович, төһө да 70-с хаардарыгар үктэннэллэр, күн бүгүҥҥэ диэри иккиэн нэһилиэк, улуус актыбыыстара, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Коммунистическай үлэ ударниктара Кривогорницыннары биир дойдулаахтара үтүө суобастаах, үлэҕэ үрдүк эппиэтинэстээх, көхтөөх уопсастыбанньык дьонунан билэллэр.
Мария Алексеевна нэһилиэгэр эбээлэр араас куонкурустарын, дьахталлар хамсааһыннарын, хаалыктаах хаамыы көхтөөх кыттыылааҕа. Кини ханна да сырыттар, сөбүлүүр артыыстарын кытары хаартыскаҕа түһэриттэн күнэ-ыйа тахсар, ону дьүөгэлэригэр, биир дойдулаахтарыгар киэн тутта көрдөрөр. Фарфор таастаах куукулалары, сувенирдары мунньар алыбыгар ылларан сылдьар. Юрий Егорович бултуурун-алтыырын сөбүлүүр, ытыы, теннис, балыктааһын күрэхтэригэр көхтөөхтүк кыттар, бальнай үҥкүү күрэхтэрин хас да төгүллээх дипломана, кыайыылааҕа. Дьокуускайга Кыайыы бырааһынньыгар анаммыт куонкуруска эдэрдии эрчиминэн үҥкүүлээн бар дьонун сөхтөрөн турар.
– Биһиги төрөппүттэрбит үөрэхтэннэхпитинэ эрэ үчүгэй идэлээх уонна бигэ тирэхтээх буолуохпут, сырдык өйбүтүнэн тумус туттуохпут туһунан этэллэрэ. 97 сааһыгар диэри олорбут сахалыы сайаҕас майгылаах эбээбит Александра Романовна Кривогорницына эмиэ үлэни эрэ өрө тутарын көрөн-истэн улааппыппыт.
Төрөппүттэрбит биһиги баҕабытын быһа гыммакка толороллор этэ. Иккиэн ыарахан, ол эрээри кыра хамнастаах үлэҕэ да сырытталлар, хайдах барыбытын атын оҕолортон хаалсыбат гына таҥыннаран, аһатан-сиэтэн олорбуттарын билигин сөҕөбүт. Ол аата, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн үчүгэйдик ааҕар-суоттуур дьоҕурдаах эбиттэр. Ийэбит сааһын тухары биир тэрилтэҕэ – РАЙПО-ҕа үлэлээбитэ, остолобуойга кондитер-повардаабыта, бэкээринэҕэ биэкэрдээбитэ. Аҕабыт Уус Алданнааҕы промкомбинакка столярынан үлэтин саҕалаабыта. Кэлин өр сыл Бороҕоннооҕу баһаарынай чааска харабыл начальнигынан, нолуок Уус Алданнааҕы судаарыстыбаннай иниспиэксийэтигэр хачыгаар-харабылынан үлэлээбитэ. Ийэбит бэкээринэҕэ үлэлиир буолан, куруук минньигэс сыттаах, хачыгырыы сылдьар сибиэһэй килиэби сиэн улааппыппыт. Атын да биэкэрдэр бааллар этэ эрээри, санаабытыгар, биһиги эрэ ийэбит килиэбэ ураты сыттаах, минньигэс буолара. Ийэбит буһарбыт килиэбин кууспутунан дьиэбитигэр үөрэ-көтө хааман тиийэрбитин аһара өйдүүбүт.
Төрөппүттэрбит биэнсийэҕэ тахсаат, сүөһү иитиитинэн дьарыгырбыттара, сүүрбэҕэ тиийэ сүөһүлэнэ сылдьыбыттара.
Төһө да маҕаһыыҥҥа сэдэхтик атыыланарын иһин, биһиэхэ бачыыҥкалаах хайыһар, велосипед атыылаһан биэрбиттэрэ. Ол саҕана ону баар буолуохтааҕын курдук саныыр эбиппит. Дьиҥэр, оччолорго кылааска аҕыйах оҕо эрэ бачыыҥкалаах хайыһардааҕа.
Хайаан да кинигэ атыылаһаллара, харчыларын кинигэҕэ кэрэйбэттэр этэ. «Ааҕыҥ» диэн такайаллара. Билигин төрөөбүт дьиэбитигэр таҕыстахпытына, баай библиотекабыт кинигэлэрин сыта-сымара оҕо сааспытын санатана, муннубутугар саба биэрэргэ дылы буолар.
Ити курдук, төрөппүттэрбит барахсаттар биһиги дьоллоох оҕо сааһы билэрбит, ыраас ыра санаалаах улаатарбыт туһугар ахсаабат кыһамньыларын уурбуттарын, олохторун бүтүннүү анаабыттарын үрдүктүк сыаналыыбыт.
Эбээ-эһээ иитиитин билбит дьоллоохпут
Эбэбит биһиги бэйэбит эбээ буолуохпутугар диэри нус-хас олоҕу олорон, орто дойдуттан арахсыбыта. Ийэбит да, эбээбит да биһигини уһуну-киэҥи саныырга, ырааҕы ыраҥалаан көрөргө үөрэппиттэрэ. Ким да туһунан куһаҕаннык саҥарбыттарын өйдөөбөппүт. Дьоҥҥо мэлдьи үтүө-мааны өрүттэрин эрэ көрөр буоланнар, атын киһи үчүгэй буоллаҕына, тэҥҥэ үөрсэллэр.
Улахан эдьиийбитин Сардаананы ытыктыы, убаастыы улаатарбытыгар ииппиттэрэ. Ол иһин, эдьиийбитин ийэни, эбээни солбуйар киһинэн ылынарбыт, өрө тутарбыт. Ийэбит симиэнэтэ түүн түбэстэҕинэ, хаһан кэлэн утуйарын, сынньанарын да билбэт этибит. Ол оннугар барытын Сардаана дьаһайара, дьиэни-уоту көрөрө, – диэн оҕолор күн бүгүҥҥэ диэри биир да быһаарыныыны төрөппүттэрэ суох ылымматтарын, кинилэр сүбэлэрин-амаларын истэллэрин туһунан киэн тутта этэллэр.
Элбэх саҥатынан, былааннарынан барытын Мария Алексеевна дьаһайар курдугун да иһин, бүтэһик тыл ыал аҕа баһылыгар Юрий Егоровичка бэриллэр. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруола туохтааҕар да үрдүгүн сиэннэр истэ-билэ улааталлар. Онон, ити үтүө үгэс салҕанар, ыччаттарга бэриллэр.
– Сүбэни-аманы сатаан истэр уонна толорор буоллаххына эрэ, ситиһии сиэттиспитинэн кэлэр. Ийэбит ыал буолбут, атахтарыгар бигэтик турбут оҕолорун билигин да тутан олорор. Этэллэрин курдук, биэспитигэр да, биэс уоммутугар да – төрөппүттэрбитигэр оҕолорбут. Аҕам күтүөттэригэр, кийииттэригэр аҕалыы амарах санаатынан сыһыаннаһар, ис сүрэҕиттэн таптыыр. Оттон кийииттэр, күтүөттэр: «Эһиги төрөппүттэргит истиҥ эйгэлээхтэр, ис-иһиттэн сырдыгынан сыдьаайаллар, киһини тардар күүстээхтэр», – дииллэрин биһиги үрдүк сыанабыл курдук ылынабыт, – дэһэллэр бииргэ төрөөбүт оҕолор.
Оҕолор төһө да төрөппүттэриттэн ыраах олордоллор, сыл ханнык баҕарар кэмигэр Бороҕоҥҥо тутуспутунан тахсан, субуотунньуктууллар. Кэккэлэһэ турар үс тиэргэннэрин ыраастааһын, күһүҥҥү хомууру үмүрү тутуу, сайын биэрбит быйаҥыттан кыһыҥҥы аһы хаһааныы – барыта ыарахан үлэҕэ буолбакка, дьиэ кэргэн бырааһынньыгар кубулуйар.
– Оҕолор чэгиэн доруобуйалаах буола улааппыттарыгар төрөппүттэрбитигэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт, үтүө төрөппүттэрдээхпитигэр дьылҕабытыгар махтанабыт. Ыарытыйар оҕолорун кэмигэр эмчиттэргэ көрдөрөн, сөпкө аһатан-сиэтэн, сылаастык таҥыннаран доруобуйаларын чэбдигирдибиттэр. Ийэбит тигэр түүлээх таҥастарын билигин да аһара суохтуубут, – диэн Ньургустаана Юрьевна истиҥ иэйиитин үллэстэр.
Соһуччу үөрүүлэр үйэни уһаталлар
Ити курдук, удьуору салҕыыр аналлаах ыччаттарыгар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбит, олоххо суолларын булуналларыгар үтүө сүбэһит буолбут төрөппүттэригэр махталлара тугунан да кэмнэммэт.
Оҕолор, күтүөттэр, кийииттэр, сиэннэр, хос сиэннэр күндү дьоннорун биир мөкү тылынан, биир сыыһа-халты дьайыынан хомоппотох эрэ киһи диэн санаалаах үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Наар кинилэри үөрдэр-көтүтэр туһугар туох эрэ уратыны, умнуллубаты, үйэлээҕи оҥорорго, төрөппүттэрин баҕа санааларын толорорго кыһаллаллар. Үлэ үөһүгэр сылдьан, бэйэлэрин кэмнэригэр сынньанар диэни билбэтэх аҕамсыйбыт дьон оҕолорун көмөлөрүнэн Москваҕа, Питергэ, Кытайга күүлэйдээн, оҕолонор дьолун билэн сылдьаллар.
Оҕолор төрөппүттэрин кыһыл көмүс сыбаайбаларыгар тугу бэлэхтиир туһунан толкуйга түһэн баран, сыбаайбаларга ылланар аналлаах «Көмүс түгэн» диэн ырыаны бэлэхтээн, аймах билэ дьоннорун долгуттулар. Дьолу түстүүр алгыстаах ырыа тылларын эдьиийдэрэ Александра Жиркова, матыыбын Егор Неустроев айдылар. Чэпчэки тыыннаах ырыаны оҕолор, сиэннэр бары тахсан ыллаабыттарыгар төрөппүттэр төһөлөөх долгуйбуттара, оҕолоро ис сүрэхтэн аныыр махталларын билбиттэрэ буолуой? Ырыа ылланаары үөскүүр, онон «Көмүс түгэни» атыттар да дьоро киэһэлэргэ ис сүрэхтэн ыллыахтара турдаҕа.
Иккис соһуччу бэлэҕинэн кыһыл көмүс сыбаайба остуолун ыытары тамадаҕа буолбакка, дьиэ кэргэн биир туллар тутааҕар Ньургустаанаҕа сүктэрдилэр. «Төрөппүттэрбит дьоллоох түгэннэрин маанылаах бырааһынньыгын бэйэбит ыытыахха. Күндү дьоммутун уонна кинилэр чугас дьоннорун биһигиттэн, оҕолоруттан, ордук ким да билбэт» диэн санаанан салайтардылар.
Оҕолор: «Аны билигин бриллиант сыбаайбаҕытыгар тиийэр курдук олоруҥ, кырдьары санаабакка кыраһыабайдык сааһырыҥ, доруобай, чэгиэн сылдьыҥ. Софрон Данилов эппитинии, сааһырыахха син – ол биһигиттэн тутулуга суох, кырдьыахха сатаммат – ол бэйэттэн тутулуктаах. Оччоҕо биһиги эһигини батыһыахпыт, эһиги курдук уһуннук, дьоллоохтук олоруохпут. Дьоһуннаах олоххут сиэннэргитигэр, хос сиэннэргитигэр салҕаныа», – диэн алгыс тыллары аныыллар.