Кыһыҥҥы суол аһыллыытын кыраапыга

Сэтинньи 16 күнүттэн Бүлүү улууһугар «Лүүчүн» суол учаастага аһыллан, массыыналар кыһыҥҥы суолунан туох да харгыһа суох айанныыр буоллулар.


«СӨ массыына суолларын управлениета» ГКУ иһитиннэрбитинэн, «Кэбээйи» региональнай таһымнаах суолугар Ааһыма – Кэбээйи учаастагынан 5 туоннаҕа (үрэҕи туорааһыҥҥа) айан-сырыы олохтонно.

Оттон «Бүлүү» федеральнай суол кыһыҥҥы учаастактара ахсынньы 15 күнүгэр аһыллара күүтүллэр. Күн-дьыл туругуттан көрөн, кыраапыгы сыҕарытан биэриэхтэрин сөп. Өлүөнэ өрүһү туоруур суол туһунан эттэххэ, билигин сорох суоппардар Хатас – Павловскай хайысхатынан номнуо айаннаан эрэллэр. Инньэ гынан, суолу оҥоруу үлэтин харгыстаһаллар диэн СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Быһа холоон, бу хайысханан суол 3 туоннаҕа диэри сэтинньи 21 күнүгэр аһыллыахтаах.

This post was published on 17.11.2017 12:00 12:00