Кыһыҥҥы өрүһүнэн суол арыллар болдьоҕо

Росавтодорга бас бэринэр, ФКУ Упрдор «Вилюй» кыһыҥҥы өрүһүнэн суол быһа холоон арыллар болдьоҕун кэпсээтэ. Биллэн турар, күн-дьыл туругуттан, муус төһө халыҥыттан суол арыллар болдьоҕо уларыйыан син диэн ЯСИА-ҕа тэрилтэ пресс сулууспата биллэрдэ.

А-331 «Бүлүү» федеральнай суолугар 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналарга өрүһү туорааһын:

— 660 км (Үөһээ Бүлүү) — сэтинньи 24 күнүттэн;

— 807 км (Күндээдэ) — сэтинньи 25 күнүттэн;

— 956 км (Устье) — ахсынньы 5 күнүттэн;

—1049 км (Кириэстээх) — ахсынньы 10 күнүттэн.

Р-504 «Халыма» федеральнай суол:

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суол тохсунньу 5 күнүттэн арыллыаҕа.

Алдан өрүһү Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысханан туорааһын сэтинньи 24 күнүттэн көҥүллэниэҕэ.

Күн-дьыл туругуттан көрөн, суол арыллар больдоҕор уларыйыылар киириэхтэрин сөп.

Билигин суолу үлэһиттэрэ мууһунан суолу оҥорорго бэлэмнэрин саҕалаатылар.

This post was published on 02.11.2021 13:01 13:01