Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко «Туймаада» агропромышленнай хампаанньа, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын салайааччыларын, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэрин кытары көрүстэ. Өрүттэр көтөрү итиэннэ сүөһү иитиитигэр түргэнник ситэр салаалары сайыннарыы тула кэпсэттилэр. Кууруссалары, сибиинньэ оҕолорун улуустарга тиэрдиигэ үп көрүөхтэрэ.
Сыл саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 21 тыһ сибиинньэ төбөтө, 858 тыһ көтөр баарын туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Улуустартан хомуллубут сайаапка быһыытынан билиҥҥитэ улуустарга 34 790 төрүүр куурусса, 3 770 сибиинньэ оҕото итиэннэ 4596 туонна аһылык наада.
Түргэнник ситэр кыыллары, астарын улуустарга тиэрдиигэ бырабыыталыстыба эрэгийиэн бүддьүөтүттэн үп көрүө итиэннэ улуус ырааҕыттан көрөн тырааныспар ороскуотун сорох чааһын уйунуо.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, «Туймаада» агрохолдинг сибиинньэ оҕолорун улуустарга тиэрдиини саҕалаабыт. 160 төбө Өлүөхүмэ улууһугар тиэрдиллибит. Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката 18 тыһ кууруссаны атыылаабыт.
Маны таһынан, мунньахха агрокомплекс базатыгар ас технологиятын Киинин тэрийэр туһунан кэпсэттилэр. Бу Ил Дархан өрөспүүбүлүкэни бэйэ аһынан хааччыйар соругун толорорго туһуланар.
This post was published on 07.04.2021 11:02 11:02