Куркутов көҥүлэ икки сылга диэри быһыллыан сөп

Пофессиональнай үөрэхтээһин урукку миниистирэ, «Якутия» НТК генеральнай дириэктэрэ Георгий Куркутов эмиэ итирик туруктаах массыына уруулугар олорбутун уонна суолга быһылааны таһаарбытын иһин икки сылга көҥүлэ быһыллыан сөп. Ити туһунан ИДьМ пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.


Георгий Куркутов от ыйын 14 күнүн түүнүгэр итирик айанныы сылдьан, саахалы таһааран суолга куттал суох буолуутун хааччыйар инспектордарга түбэспит. Кини «Lexus GX470» массыынанан Лермонтов уонна Киров ааттарынан уулуссалар быһа охсуһууларыгар «Toyota Succeed» массыынаны кытта харсыспыт. Куркутов массыынатын хаалларан баран быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут. Ол эрээри, сотору буолан баран кинини чугастааҕа дьиэлэр олбуордарыттан булбуттар. Арыгыны испитин-испэтэҕин туоһулууртан кини аккаастаммыт.

«Административнай боротокуол оҥоһуллубута. Госавтоинспекция үлэһиттэрэ хомуйбут матырыйаалларын ИДьМ «Якутское» бастааҥҥы силиэстийэ отделыгар биэрбиттэр. 2013 сыллаахха Дьокуускайдааҕы мировой суут быһаарыытынан кини массыынаны ыытар бырааба 2016 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр диэри быһыллыбыта.

Суолга быһылаан кэнниттэн Холуобунай кодекс 264.1 ыстатыйатынан холуобунай дьыаланы тэрийдилэр. Бу ыстатыйа накаастабыла икки сылга көҥүлү хаарчахтыан сөп. 2013 сыллаахха Саха сирин баһылга Егор Борисов Георгий Куркутовы профессиональнай үөрэхтээһин миниистирин дуоһунаһыттан тохтоппута. Ити тохтотуу төрүөтүнэн итирик туруктаах массыынаны ыытыы буолбута.

This post was published on 20.07.2016 11:27 11:27