Курбуһах нэһилиэгэр Япония сэриитин кыттыылааҕа Феодосий Васильевич Бурнашев уонна 36 тыыл ветерана олорор.
Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр сылын аайы ыытыллар «Сүгүрүйэбит эһиэхэ, ветераннар!» бырааһынньыктааҕы биэчэр быйыл да олус көхтөөхтүк ыытылынна. «Оскуола оҕолоро концерт көрдөрдүлэр, салют ыттыбыт, бырааһынньыктааҕы остуол тэрилиннэ. Үгэскэ кубулуйбут «полевая куухунаны» тэрийдибит», — диэн кэпсиир социальнай үлэһит Мария Винокурова.
Кыайыы күнүгэр параадка тэрилтэлэр, түмсүүлэр бары кыттыыны ыллылар. «Өлбөт тыыннаах полк» акцияҕа оҕолор, улахан дьон тахсан хаамтылар. Тэрилтэлэр эстафетлаатылар, оҕолор концертаатылар, сэрии оҕолоро, тыыл ветераннара түмсэн истиҥ-иһирэх кэпсэтиигэ кытыннылар.
Бырааһынньыктааҕы тэрээһин «Өдөбүнньүк чүмэчи» акциянан түмүктэннэ.
This post was published on 10.05.2016 10:55 10:55