Куоначчаанынан туорааһын бэс ыйын 10 күнүн кэнниттэн аһыллара күүтүллэр. Быйылгы уратылаах халаан уута Ньурба улууһун суолларыгар эмиэ содуллаах буолбутун билэбит. ИСУ салайааччытын солбуйааччыта Василий Кучаров иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ СӨ Массыына суолларын управлениетын исписэлииһэ кэлэн, ууттан эмсэҕэлээбит Ньурба к. Нюрбинка муостатын уонна Дьаархаҥҥа үс уулуссаны көрдө. Кинини кытта ИСУ үлэһиттэрэ сылдьан көрөн, дефектнэй аакталар толоруллубуттара. Докумуоннар СӨ Массыына суолларын управлениетын сметчиктэригэр ыытыллыбыттара. Бу нэдиэлэҕэ смета ааҕыллан, төһө харчы көрүллэрин-көрүллүбэтин быһаарыахтаахтар.
Итини таһынан Акана — Чкалов суолугар уу 5 сиринэн суолу быһан сытарын баран көрдүлэр. Хамыыһыйа уу аһардара түһэриллибит турбалар диаметрдарын улаатыннарарга быһаарыы ылынна. Манна эмиэ ааҕан-суоттаан көрүөхтэрэ.
Халаан уутун үгэнигэр Марха өрүс уута тахсан Хатыҥ Сыһыыга барар суолу быһа сылдьыбыта, хамыыһыйанан ону эмиэ тахсан көрдүлэр. Суолу уу суурайбатах, алдьаппатах. Онон грейдэринэн тэҥнээһин эрэ ыытыллыаҕа.
Оттон Маалыкай түбэтигэр суолунан сырыы хаһан олохтонуоҕай, Куоначчааҥҥа понтоннай муостата хаһан түҺэриллиэҕэй? Бу туһунан Василий Кучаров маннык хоруйдуур: «Билигин үрэхтэр уулара толору, онон уу түһэринэн көрөн суолбут аһыллыаҕа. Маалыкай өттүгэр «Партнер» ХЭТ үлэһиттэрэ уу түһэриитигэр, суолу куурдууга үлэлии сылдьаллар. Чуукаар өттүгэр «Агроснаб» тэрилтэ экскаваторщига бу нэдиэлэҕэ тахсан уу түһэриэхтээх. Уу түстэҕинэ биирдэ, ол эбэтэр бэс ыйын 10 к. кэнниттэн биирдэ суол аһыллара күүтүллэр».
Тырааныспар миниистирин бирикээһинэн бэс ыйын 3 к. дьоҕус кээмэйдээх суудуналарга навигация саҕаланар. Салгын олбохтоох суудуна сапчааһа суох буолан, билигин сүүрэр кыаҕа суох. Сапчаастарын сакаастаабыттара бэс ыйын 7 к. диэки кэлиэхтээх. Онон балаһыанньаны навигация аҺылыннаҕына арай хоһуун өрүс таксистара быһаарыахтарын сөп. Ол эрээри кинилэргэ ирдэбил сыллата күүһүрэн-кытаатан иһэрэ биллэр.
Ааптар: Геннадий Антонов, Ньурба
This post was published on 28.05.2024 16:06 16:06