Куокуну бааһыналарыгар

Билигин тыа дьоно кыстыкка бэлэмнэнэн күн былдьаһыгар сылдьар. Ааспыт нэдиэлэҕэ улуус тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов, исписэлииһэ Галина Потапова «Кириэстээх» ТХПК Куокунутааҕы отделениетыгар тахса сырыттылар.


«Кириэстээхтэр» төһө кыалларынан кыстыыр отторун булуна сатыыллар. Оторууска 67,5 т., Таалалаахха 45 т., Хомустаахха 30 т. оту оттообуттар, онтон Куокуну звенота уопсайа 300 т. оту оттообут. Итиннэ эбии ыһыы үлэтэ баар – 200 т. сиилэһи уонна  370 т. күөх маас-саны бэлэмнээбиттэр. Маны таһынан 350 га сир паарданан сытар эбит. Күһүн, хомуур үлэтэ бүттэҕинэ, хорутууга кии-риэхтээхтэр.

«Кириэстээх» ТХПК агронома Светлана Ксенофонтова Куокунутааҕы бааһыналарын кэрийэн көрдөрдө. Иван Викторович үлэлии сылдьар биригээдэ дьонун кытары кэпсэтэн, үлэ-хамнас хайдах баран иһэрин көрдө-иһиттэ. Тиэхиньикэ, күрүө алдьанан үлэни атахтаабыт. Комбайнара алдьанан уонча күнү сүтэрбиттэр. Ханна баҕарар баарын курдук, манна эмиэ Сэбиэскэй Сойуус саҕанааҕы күрүө эргэрэн сылгы, сүөһү алдьатан, тоҕо анньан киирэ турар. Сүүһүнэн ахсааннаах сылгы үөрэ киирэн бааһыналарын тэпсэ тураллар эбит. Ол иһин бурдуктарын хомуйбакка, охсон кэбиһэн күөх маасса гынарга күһэллибиттэр.

This post was published on 07.09.2016 10:25 10:25