Хаан оборор үөҥҥэ-көйүүргэ киһи көстүбэт буолар сыттарын биолог эттэ диэн суруйар Российская газета.
KP.RU эппитинэн, биологическай наука доктора, профессор Людмила Комарова кумаартан ваниль, бырдахтан мас күлүн сыттара быыһыыллар диэн иһитиннэрдэ. Аһаҕас эккин соттуохха сөп.
Клещ лимоннай эвкалипт сытыттан куттаныан сөп. Эмиэ киһи этигэр соттор.
Балары сэргэ киһи бэйэтин сыта үөнү-көйүүрү чугаһатыа суоҕун сөп, өскөтүн чеснок уонна луук сиэтэххинэ. «Балар киһи көлөһүнүн кытта таска тахсан, үөн-көйүүр чугаһыыр сытын блоктууллар. Ити эрээри ардыгар бу көмөлөспөт. Холобур, тыһы үөн-көйүүр куколкаларыттан тахсан, сымыыттара сайдыытыгар хааҥҥа олус наадыйа сылдьар кэмнэригэр», — диэтэ эксперт.
Биолог этэринэн, анал спрейдэр туһалаахтар.
This post was published on 20.06.2022 11:01 11:01