Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр бэйдиэ сылдьар ыттар саҥа төрөөн эрэр кулуну туппуттарын туһунан видео тарҕаммыта.
Быһылаан тахсаатын кытта Кэнтик нэһилиэгэр Бэтэринээрийэ департаменын старшай иниспиэктэрэ Иннокентий Ильин балаһыанньаны билсэ тахсыбыта. Билиҥҥи туругунан кулуннаах биэни туппут бэйдиэ сылдьар ыттар хаһаайыннара кимнээх буолалларын быһаарыынан нэһилиэк дьаһалтата уонна полиция дьарыктанар. Ити быһаарылыннаҕына, ыттаах хаһаайыттар эппиэтинэскэ тардыллыахтара.
СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын территориальнай подразделениетын старшай иниспиэктэрэ Иннокентий Ильин санаатын маннык үллэһиннэ:
— Кэнтик нэһилиэгэр төрөөрү сытар биэ кулунун бэйдиэ сылдьар ыттар туттулар. Биэ төрүүрүгэр мэһэйдэһэннэр, тахсан эрэр оҕотун тыыннаахтыы сиэннэр биэ өрүттүбэккэ өлөөхтөөбүт диэн сабаҕалыыбын. Ыттар биэни тыыппатахтар. Кулун эрэйдээҕи ситэ төрөппөккө да хадьырыйбыттар. Бу быһылаан нэһилиэк кытыы уулуссатыгар баар олбуоругар буолбут. Уопсайынан маннык балаһыанньа хатыламматын туһуттан хас биирдии хаһаайын ытын баайыахтаах.
Бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо-сэргэҕэ саба түһэллэрин ааһан аны дьиэ кыылларыгар түһэн хоромньуну таһаараллар.
This post was published on 11.04.2023 12:01 12:01