Дьокуускайга муус устар 9 күнүгэр киэһэ, муус устар саҕаланыыта сүппүт, 25 саастаах эр киһи өлүгүн буллулар. Ол туһунан сэлиэстийэлиир кэмитиэт ЯСИАҕа иһитиннэрдэ.
«Туохтан өлбүтүн биричиинэтэ билигин биллибэт. Экспертиза барар. 25 саастаах эр киһи өлүгүн Дзержинскай уулуссаҕа эргиир оройуонугар буллулар», — диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Эдэр киһи сүппүтүн туһунан биллэрии кулун тутар 7 күнүгэр киирбитэ. Полицияҕа сүппүт киһи эдьиийэ тыллаабыт. Эр киһи Өлүөхүмэ оройуонуттан төрүттээх, Дьокуускайга олорбут уонна үлэлээбит.
Өлүгү холуобунай ирдэбил сотрудниктара буллулар.
This post was published on 10.04.2025 13:01 13:01