Кулун тутардааҕы циклон Саха сиригэр итии салгыны аҕалла. Сорох оройуоттарга температура «плюс» көрдөрдө. Региоҥҥа күн-дьыл туругун ЯСИА-ҕа УГМС салайааччытын солбуйааччыта — Гидрометцентр начальнига Татьяна Маршалик кэпсээтэ.
«Бу күннэргэ Саха сиригэр «глубокай» циклон кэлэн, өрөспүүбүлүкэ арҕаатыгар сылаас күнү-дьылы аҕалла. Бэҕэһээ Ленскэйгэ, Мииринэйгэ уонна Өлүөхүмэ улууһугар миэстэлэринэн +1 кыраадыс буолла.
Күнүскү температура онно -1… -6 кыраадыс. Үгүс оройуоҥҥа -7… -12 кыраадыс. Оптуорунньук уонна сэрэдэ бу нэдиэлэ саамай сылаас күннэринэн буолаллар», — диэтэ Татьяна Маршалик.
Чэппиэртэн сөҥүү кыччыыр, салгын температурата намтыыр. Түүнүн -20… -30 кыраадыс, күнүс — -10 — -17.
This post was published on 13.03.2024 11:05 11:05