Сахалар былыр-былыргыттан айылҕаны кытта алтыһан ууһаан-тэнийэн олорбут омукпут. Хас күн, ый, сыл — бэйэтэ туспа аналлаах. Кулун тутар ый билгэтин таһаарабыт.
1 — Хотой кэлэн уйатын хаардыыр, көмнөх хаар түһэр. Ымыы көстөр.
2 — Кыһын ортото. Киргил төрүүр. Эһэ биир өттүгэр эргийэн баран салгыы утуйар.
6 — Күнүс ылаарар, бастакы бэлиэтээһин.
12 — Суол килэрийэр.
13- Хаар ирэн, сарайтан таммалыыр.
14 — Дьэбдьэкиэйэп күнэ. Күнүһүн сылыйан ириэһин саҕаланар. Бу күн хотуттан, арҕааттан тыалырдаҕына — сайына сайына сөрүүн, хаһыҥнаах, сир аһа аҕыйах буолар. Хаардаатаҕына — сайына ардахтаах. Саҥа төрөөбүт ый сууннаҕына, сайынын өлгөм үүнүү. Күүскэ сылыйдаҕына — саас эрдэ кэлэр.
15 — Улар охсоро саҕаланар.
17 — бэлиэтээһин.
20 — Тураах кэлэр. Бу күн сылаас буоллаҕына — 40 күн сылыйар, тымныы буоллаҕына — 40 күн тымныйар.
21 — Күн түүнү кытта тэҥнэһэр, о.а.күн уһуна 12 чаас. Туллук кэлэр, кукаакы уйаланар. Тэҥкэ ойуурга суор уйатын оҥостор, бастакы сымыытын түһэрэр.
Бу күнү Саха төрөөбүт күнэ дииллэр эбит. Сырдыкка тахсар туом диэни толороллор. Иһиккэ уот иитэн баран, уоту аһатан, алгыс анаан туран күнү батыһа эргийэн кэлэллэр. Уокка, дьиэ оһоҕор үс үрүҥ кылы алҕаан баран биэрэллэр.
22 — Саас кэлэр.
30 — Сылаас Өлөксөй күнэ, ый туолуута. Таммах таммалыыр, онуоха муус чопчулар уһун, хойуу буоллахтарына — уулаах саас, кылгас буоллахтарына — сааһын уутун — хаарын көтүтэр.
31 — Саарба, солоҥдо төрүүллэр. Тыалырдаҕына, суолу томтотор.
This post was published on 03.03.2021 18:02 18:02