Кулун тутар 7 күнэ. Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар - Бикипиэдьийэ

Сахаларга кулун тутар 7 күнүгэр тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар диэн өйдөбүл баар. Ол аата саас кэлиитэ биллэр, халлаан сылыйарга барар.


Түбэлтэлэр

  • 1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • 1904 — «Романовка» бырачыастааччылара (57 киһи, ол иһигэр сэттэ дьахтар) бэриммиттэр. 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт.
  • 1930 — «СССР-176» диэн көтөр аал Дьокуускайтан Сангаарга көтөн иһэн саахалламмыт. Отто Кальвица хамандыырдаах экипээс өлбүт.
  • 1960 — ССРС Үрдүкү Сүбэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕынан Бүлүү оройуонун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта Варвара Трофимова уонна Раиса Третьяк Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
  • 2002 — Халыма улууһугар 500000 га иэннээх Курдигино-Крестовая диэн эркээйи сир баар буолбут.
  • 2014 сыл кулун тутар 7 — 16 күннэригэр Сочи куоратыгар 2014 кыһыҥҥы Паралимпия Оонньуулара буолбуттара. 45 дойдуттан күрэхтэһээччилэр кыттыбыттара.

Төрөөбүттэр

  • 1845 — Василий Трощанскай — тэрэриис, норуодунньук, Саха сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр көскө олорбут, саха үгэһин чинчийбит киһи. 1898 сыл тохсунньу 27 күнүгэр өлбүтэ. Чөркөөххө көмүллүбүтэ.
  • 1894 — Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Спиридон Петров (1894—1965), олоҥхоһут.
  • 1949 — Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгэр Роман Дмитриев — саха аатырбыт тустууга, көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ.

Өлбүттэр

This post was published on 07.03.2021 09:01 09:01