Бэлиэ күннэр
- Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар
- Албания — Учуутал күнэ
- Ираак — Бэйэ-бэйэни тулуйуу уонна эйэлээхтик олоруу күнэ. Дойду премьер-миниистирэ Рим паапата Франциск уонна шииттэр баһылыктара аятолла Али Аль-Систани 2021 сыллаахха көрсүүлэрүн кэнниттэн биллэрбитэ
Түбэлтэлэр
- 1799 — Наполеон Бонапарт Палестинаҕа Яффо куораты ылбыт, 2000 албаан билиэннэйдэрин өлөттөрбүт.
- 1814 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I Арассыыйа уонна Пруссия холбоһуктаах сэриилэрин кытта Краонн аттынааҕы кыргыһыыга кыайыыны ситиспит.
- 1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
- 1904 — «Романовка» бырачыастааччылара (57 киһи, ол иһигэр сэттэ дьахтар) бэриммиттэр. 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт.
- 1930 — «СССР-176» диэн көтөр аал Дьокуускайтан Сангаарга көтөн иһэн саахалламмыт. Отто Кальвица хамандыырдаах экипээс өлбүт.
- 1960 — ССРС Үрдүкү Сүбэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕынан Бүлүү оройуонун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта Варвара Трофимова уонна Раиса Третьяк Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
- 1966 — Франция бэрэсидьиэнэ Шарль Де Голль Франция НАТО байываннай блогуттан тахсарын туһунан биллэрбит.
- 1989 — Салман Рушди «Сатана хоһооно» диэн айдааннаах айымньытыттан сылтаан Ираан уонна Британия дипломааттыы сыһыаннарын тохтоппуттар.
- 1997 — Анатолий Чубайс Арассыыйа бырабыытылаыстыбатын бэрэстээтэлин бастакы солбуйааччытынан иккистээн анаммыт. Кулун тутар 17 күнүгэр эбии үп миниистирэ буолбут. Сорох чинчийээччилэр сыанабылларынан, бу кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна «Арассыыйа-Саха алмаастара» хампаанньаҕа «алмаас блокаадата» диэн ааттаммыт уустук кэм ордук тыҥааһыннаах түһүмэҕэ саҕаламмыта.
- 2002 — Аллараа Халыма улууһугар 500000 га иэннээх Курдигино-Крестовая диэн эркээйи сир баар буолбут.
- 2014 сыл кулун тутар 7-16 күннэригэр Сочи куоратыгар 2014 кыһыҥҥы Паралимпия Оонньуулара буолбуттара. 45 дойдуттан күрэхтэһээччилэр кыттыбыттара.
Төрөөбүттэр
- 1845 — Василий Трощанскай — тэрэриис, норуодунньук, Саха сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр көскө олорбут, саха үгэһин чинчийбит киһи. 1898 сыл тохсунньу 27 күнүгэр өлбүтэ. Чөркөөххө көмүллүбүтэ.
- 1894 — Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Спиридон Петров (1894—1965), олоҥхоһут.
- 1949 — Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгэр Роман Дмитриев — саха аатырбыт тустууга, көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ.
Өлбүттэр
- 1973 — Сергей Зверев — Кыыл Уола (08.07.1900 төр.) — биллиилээх олоҥхоһут, тойуксут, ырыаһыт, үҥкүү туруорааччы.
- 1996 — Егор Шестаков — Эрчимэн (31.05.1927 төр.) — бэйиэт, уран тылы (литэрэтиирэни) ырытааччы.
This post was published on 07.03.2022 09:03 09:03