Табаһыт күнэ Саха сиригэр 1936 сылтан бэлиэтэнэр бырааһынньык. Саха АССР Киин ситэриилээх кэмитиэтин (ЦИК) бөрөсүүдьүмэ 1936 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр сылын ахсын сэтинньи 20 күнүгэр бэлиэтииргэ диэн уураах ылыммыт. 1967 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕынан кулун тутар үһүс баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр буолбут[1].
Таба күнүгэр эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ, холкуос эбэтэр сопхуос киин уһаайбатыгар транспараан, истиэндэ, эркин хаһыаттарын ыйыыллара, хаартыска быыстапката баар буолара. Бырааһынньык үөрүүлээх мунньаҕынан аһыллара, киэһэ кулуупка кэнсиэр буолара. Нөҥүө күнүгэр таба сүүрдүүтэ уонна атын күрэхтэһиилэр буолаллара, онно атын нэһилиэктэртэн, оройуоннартан ыҥырыылаах ыалдьыттар кытталлара. Ол кэнниттэн үҥкүү (эбээннэргэ — һээдьэ, эбэҥкилэргэ — дэрэдэ) буолара.
Түбэлтэлэр
- 1868 — Дмитрий Менделеев Россия химия уопсастыбатыгар Периодтаах таабылын бастакы барылын көрдөрбүт.
- 1922 — Нестор Каландаришвили уонна кини штабын дьоно Табаҕа уонна Төхтүр икки ардыларыгар тоһуурга түбэһэн өлбүттэр. Сарсыарда 5 чааска Каландаришвили Төхтүртэн арахпыт, онтон 9 чааска Дьокуускайга Табаҕаттан илдьит киһи кэлэн быһылаан туһунан биллэрбит. Табаҕаттан 8 биэрэстэлээх сиргэ өрүс тас үөһүн (протока) икки кытылыгар оҥоһуллубут тоһуурга 100 кэриҥэ киһилээх, 100-чэ сыарҕалаах эшелон түбэспит. Быыһаммыт дьон сабаҕалааһыннарынан, үрүҥнэр ахсааннара 300-тэн тахса буолара биллибит.
Төрөөбүттэр
1475 — Микеландьело, Италия уруhуйдьута, скульптора, архитектора, бэйиэтэ уонна инженера.
1929 — Сунтаар Хаҥалаһыгар Уйбаан Нуолур (19.01.1999 өлб.) — бэйиэт, суруйааччы, учуутал.
1931 — Ньурба улууһугар Валерий Кочнев — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр спорт уонна физкультура хамсааһынын устуоруйатын, итиэннэ саха төрүт оонньууларын чинчийбит учуонай, ХИФУ преподавателэ, педагогическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр.
1941 — Хомус Уйбаан — Хомус Аан дойдутааҕы тэрилтэтин генеральнай сэкирэтээрэ, РФ уонна CӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС НА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, СГУ бэрэпиэссэрэ, билэлиэгийэ билимин дуоктара.
1980 — Георгий Балакшин — Европа, Арассыыйа боксаҕа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, XXIX Олимпийскай оонньууларга (Пекин, 1980) боруонса мэтээллээх боксёр, норуоттар ыккардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, спорт үтүөлээх маастара.
Өлбүттэр
- 1956 — Дьуон Дьаҥылы (27.02.1914 төр.) — бэйиэт уонна тылбаасчыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1985 — Дмитрий Красильников (25.12.1920 төр.) — физик-учуонай.
- 2001 — Бүөтүр Тобуруокап (25.10.1917 төр.), саха народнай бэйиэтэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
This post was published on 06.03.2021 09:01 09:01