Хой ♈️
Сөптөөх быһаарыныы ылынар кэм кэллэ, хаһааҥҥа диэри куотуна, соһо сылдьыахха сөбүй? Эппиэтинэс ылынар быһыы-майгы сөптөөх суол
Оҕус ♉
Чугас дьонуҥ этэ сатыыр тылларын болҕойон иһит, кинилэр куһаҕаны баҕарбаттар
Игирэлэр ♊
«Атас туһугар атах тостор» – диэн саха өс хоһооно мээнэ буолбатах, доҕоруҥ көмөтүттэн аккаастаныма
Рак ♋
Куһаҕан санааҕа ылларыма, үчүгэйи эрэ ыралан. Сэниэҕиҥ мээнэ таах халтай бараама, туһалаахха анаа
Хахай ♌
Олох очурдарын барытын туораатаргын, эйигин кэрэ кэмнэр күүтэллэр
Кыыс ♍
Эбии харчы кэлэрэ күүтүллэр, барытын сөпкө оҥороҕун
Ыйааһын ♎
Таптыыр киһиэхэ тапталлааҕа мааны… киһи итэҕэһэ бэйэтин туһугар эмиэ үчүгэйдээх
Скорпион ♏
Сууланан баран сылдьыма, элбэҕи куоттарыаҥ. Хараҥа да кэмнэргэ киһи сырдыгы булан көрө үөрэниэхтээх
Охчут ♐️
Эйигин кытары дьол аргыстаһа сылдьар, ол эрээри аһары өрө барар табыллыбат, кыратык туттунар ордук
Чубуку ♑
Эйиэхэ көхсүлэрин көрдөрбүт дьон кэмсиниэхтэрэ, ситиһиигэр ымсыырыахтара
Күрүлгэн ♒
Өй үлэтэ бүгүн эйигин күүтэр, эйигиттэн элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр
Балыктар ♓️
Бэйэҥ олоххор эн бэйэҥ эрэ хаһаайыҥҥын, ким да ону утарар кыаҕа суох.
Аһаҕас источниктан
This post was published on 05.03.2024 09:03 09:03