1918 сыллаахха «Холбос» потребобществоны тэрийбит, 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэр төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ Кузьма Гаврилов 1938 сыллаахха олоҕо суох эрэпириэссийэҕэ түбэһэн, хаайыллыбыт.
1943 сыллаахха Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ көтөн испит Дуглас байыаннай сөмүлүөтэ Горнай сиригэр саахалламмыт. 24 саастаах пассажир Николай Терешкин тыыннаах хаалбыт дьону быыһаабыта. Бу саахалга олоҕуран Амма Аччыгыйа «Алдьархай» диэн сэһэнин суруйбута.
Бу күн ийэ тылы тарҕатааччы уонна туруулаһааччы, орто оскуолаҕа «национальнай кэнсиэпсийэни» киллэрии идеолога, Саха араадьыйатыгар биэрии ааптара Тамара Петрова төрөөбүт, ССРС салайааччыта Иосиф Сталин өлбүт.
Бэлиэ күннэр:
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Норуот маастарын күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1901 — Нуучча таҥаратын дьиэтэ суруйааччы Лев Толстойу таҥара дьиэтиттэн дьалты туруорбут (отлучение).
- 1901 — Арассыыйа II Дууматын бастакы мунньаҕа саҕаламмыт.
- 1933 — Германияҕа быыбарга нацистар партиялара кыайбыт.
- 1938 — 1918 сыллаахха «Холбос» потребобществоны тэрийбит, 1920-с сылларга «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» түмсүүлэр төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ Кузьма Гаврилов (01.12.1890—1938) олоҕо суох эрэпириэссийэҕэ түбэһэн, хаайыллыбыт.
- 1943 — Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ көтөн испит ЛИ-2 (Дуглас) байыаннай тырааныспар сөмүлүөтэ Горнай сиригэр саахалламмыт. 24 саастаах пассажир Николай Терешкин тыыннаах хаалбыт дьону быыһаабыта. Ол саҕана Лиэнискэй хомсомуолун сэкирэтээринэн саҥа талыллан, үлэлиир сиригэр баран испитэ, кэлин сэрии кэнниттэн Дьокуускайы салайа, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Бу саахалга олоҕуран Амма Аччыгыйа «Алдьархай» диэн сэһэнин суруйбута.
- 1946 — Черчиль Фултоннааҕы этиитэ. «Уота суох сэрии» диэн ааттаммыт утарыта туруу саҕаланар.
- 1968 — Саха сирин суруйааччыларын VII сийиэһэ аһыллыбыт. Кулун тутар 5-6 күннэригэр үлэлээбит.
- 1971 — ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтэ Ижевскай куоракка Удмурт судаарыстыбаннай үнүбүрсүөтүн тэрийэр туһунан уураах таһаарбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1895 — Василий Леонтьев (1932 с. өлб.), литэрэтиирэ кириитигэ, түмэт дьайыксыта.
- 1934 — Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр Тамара Петрова (2020 с. өлб.), ийэ тылы тарҕатааччы уонна туруулаһааччы түмэт дьайыксыта, орто оскуолаҕа «национальнай кэнсиэпсийэни» киллэрии идеолога, Саха араадьыйатыгар биэрии ааптара, саха тылын чинчийээччи, СГУ-га Саха тылын истилиистикэтин уонна тылбааһын хаапыдыратын тэрийбит СГУ профессора, педагогика билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
- 1942 — Аржаков Степан Максимович (1899 төр.) — Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха АССР-га ил, бэлиитикэ уонна хаһаайыстыба дьайыксыта, Саха Сирин Совнаркомун бэрэстээтэлэ ытыллыбыт.
- 1953 — Иосиф Сталин (18.12.1878 төр.) — ССРС салайааччыта.
This post was published on 05.03.2021 09:01 09:01