2000 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр Өймөкөөн улууһун Томторугар «Тымныы полюһа» (Полюс Холода) бастакы бэстибээл буолбут. Ыччакка аналлаах тэрээһиннэр, кэнсиэрдэр, спортивнай күрэхтэһиилэр, муус оҥоһуктарга куонкурус буолбуттар. Бастакы бэстибээлгэ сэттэ хамаанда кыттар, ол иһигэр тас дойдуттан. Бэстибээл Саха сиригэр туризмы сайыннарар сыаллаах ыытыллар.
Бэлиэ күннэр
- Көмпүүтэргэ хоһулаан уурунуу күнэ (Бэкап күнэ)
- Трансгендердар көстөр аан дойдутааҕы күннэрэ
- Азербайдьан, Азербайджан омук геноцидын күнэ
- Мальта, Көҥүл күнэ (1979 сыллаахха 79 сыл тухары Мальтаҕа олорбут Британия байыаннайдара барбыттар)
- АХШ, Виргин арыылара, Биэрии күнэ. Дания Вест-Индиятын арыыларын (Пуэрто-Рико аттыгар баар үс бөдөҥ арыы) АХШ 25 мөл. дуолларга атыыласпыт. Оччотооҕуга бу Дания сыллааҕы бүддьүөтүн аҥаара этэ.
- АХШ, Калифорния, Сесар Чавес күнэ
- Соҕуруу Кэриэйэ, Хансик. Бу күн уот иччитэ алы буоллун диэн итии аһылыгы сиэбэттэр
Түбэлтэлэр
- 1889 — Эйфель башнятын тутуута түмүктэммит.
- 1940 — ССРС 12-с өрөспүүбүлүкэтинэн Карело-Финскэй ССР буолбут. Урукку Карел АССР-га фиин сэриитигэр Финляндияттан былдьаммыт сирдэр эбиллибиттэр. Бу статуһа 1956 сыллаахха диэри хаалбыта.
- 1956 — Саха АССР Үрдүкү суутун Президиумун быһаарыытынан ил, бэлиитикэ уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ Степан Аржаков (1899—1942) реабилитацияламмыт. Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.
- 1965 — Камчааткаҕа ССРС-ка бастакы геотермальнай электростанция үлэтин саҕалаабыт — Паужетскай экспериментальнай геотермальнай электростанция.
- 1991 — Грузияҕа референдумҥа олохтоохтор 99 % тутулуга суох буолуу иһин куоластаабыттар.
- 1992 — Москубаҕа Бэдэрээссийэ дуогабара түһэрсиллибит. Арассыыйа бары субъектара (Татарстаан уонна Чэчиэн өрөспүүбүлүкэлэриттэн ураты) илии баттаабыттар.
- 1999 — Ньурбаҕа алмаас саҥа туруупката көстүбүт, Марха туруупката диэбиттэр.
- 2000 — Өймөкөөн улууһун Томторугар «Тымныы полюһа» (Полюс Холода) бастакы бэстибээл буолбут.
- 2016 — улахан экраҥҥа «Ыаллыылар» диэн кэмиэдьийэ жанрдаах толору метражтаах саха киинэтэ тахсыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1901 — Бэдьээлэ — Прокопий Ядрихинскай (1901—1979), ырыаһыт уонна олоҥхоһут.
- 1961 — Валерий Жондоров — 2012 сылтан СӨ үбүн миниистирэ.
Өлбүттэр
- 1340 — Иван I Калита (1288 төр.) — 1325 сылтан Москуба кинээһэ, Владимир-Суздаль улуу кинээһэ (Узбек хаантан 1331 с. Дьаралык ылбыт).
- 1727 — Ньютон Исаак (1642 төр.) — Англия физигэ, математига уонна астронома, классическэй физика төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.
- 1932 — Петр Слепцов (1876 төр.) — «Сахалар сойуустарын» кыттыылааҕа. 1922 с. Бүтүн Саха сиринээҕи Тэрийэр сийиэс кыттыылааҕа. 1922, 1924, 1926 сс. Саха Киин Ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талыллыбыт. 1925 с. хоту олохтоох кыра омуктарга көмөлөһөр комитет председателин солбуйааччынан, онтон кэлин председателинэн ананан үлэлээбит. Кэлин ССРС Наукаларын Академиятын иһинэн үлэлиир Антропология уонна этнография музейыгар хотугу норуоттар боппуруостарыгар научнай консультанынан үлэҕэ ылыллар. П.В.Слепцов талааннаах худуоһунньук, фольклорист, этнограф учуонай этэ.
- 1934 — Роман Шадрин (1893 с. Түһэгииргэ төр.), эбээн, общественнай диэйэтэл уонна тэрийээччи. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. 1929 сыллаахха Сэрии Кыһыл Знамятын орденынан наҕараадаламмыта. ЯЦИК чилиэнэ, ЯЦИК иһинэн Хотугу омуктарга көмө Комитетын бэрэсэдээтэлэ. ЯЦИК бэрэсэдээтэлин Ойуунускай Платон Алексеевич солбуйааччыта этэ. Бүтүн Союзтааҕы Сэбиэттэр VI Съездка ВЦИК чилиэнинэн талыллыбыта. Москубаҕа сэлликтэн өлбүтэ.
- 2008 — Владимир Николаев (13.03.1945 төр.) — «Саха Омук» уопсастыба 1990—1993 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт.