Кулун тутар 29 күнэ. Юристар идэлээх күннэрэ - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 845 — Париж куораты викиннэр халаабыттар.
  • 1430 — Мурад II ыраахтааҕылаах Осмаан импиэрийэтэ Фессалоника куораты Венеция өрөспүүбүлүкэтиттэн былдьаабыт.
  • 1549 — Бразилия бастакы киин куората Сальвадор-да-Баия олохтоммут.
  • 1632 — Сен-Жермеҥҥэ түһэрсиллибит эйэ сөбүлэҥинэн Квебек Франция хонтуруолугар төннөрүллүбүт, англичааннар 1629 с. былдьыы сылдьыбаттара.
  • 1809 — Швеция хоруола Густав IV Адольф бөрүстүөлтэн батыммыт. Порвоо коуракка буолбут сеймҥэ түөрт фиин сословиета нуучча ыраахтааҕытыгар Александр I бирисээгэ биэрэн, Финляндия улуу княжествота Швецияттан арахсыытын саҕалаабыт.
  • 1849 — Британия Пенджабы аннексиялаабыт.
  • 1857 — 34-с бенгальскай пехота сипаайа Мангал Пандей Ост-Индскай хампаанньа салататын утары өрө турууну тэрийбит. Устуоруйаҕа Сипаайдар өрө туруулара диэн ааттанар уһун дьалхаан саҕаламмыт. Ииндийэҕэ Улуу Моҕуоллар саҕаларыттан сипаай диэн тиэрмининэн сатыы сэрииһити ааттыыллара.
  • 1918 — Дьокуускайга өрөбөлүүссүйэни утарбыт Уобаластааҕы Сэбиэт большевиктары өйүүр Оробуочай дьокутааттар сэбиэттэрин тэрийэр кэмитиэтин хаайбыт, ол иһигэр Максим АммосовыНиколай БубякиныМ.М. ВиленскаяныЯ.Е. ЗибертыБогдан Чижигы уо.д.а. Центросибирь хаайыллыбыт дьону босхолуурга ирдээбит, онтон атын карательнай этэрээт ыытарга суоһурҕаммыт.
  • 1938 — Иркутскайга өрөбөлүүссүйэ кыттыылааҕа, кавалерист, Гражданскай сэрии кэмигэр Саха сиригэр кыһыл разведчиктар этэрээттэрин хамандыыра, Дьокуускайдааҕы хомуньуус баартыйа кэмитиэтин чилиэнэ, экэнэмиис (Ленинграадтааҕы ноурот хаһаайыстыбатын үнүстүүтэ, 1924-26 сс.), Саха сиринээҕи Госбаан хонтуоратын управляющайа, Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы, инженер-гидролог (Ленинграадтааҕы транспортнай академия, 1930-34 сс.) Семен Иванов хаайыллар. Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн санаатын көнөтүк этэр, хорсун-хоодуот майгылаах, омугумсуйууну утаран саха быраабын элбэхтэ туруорсубут киһи этэ. 1942 сыллаахха хаайыыга өлбүтэ, буруйа суоҕа 1962 с. дакаастаммыта.
  • 1942 — Германия Любек куоратын Британия ВВС-тара буобмалаабыттар, бу ньиэмэс куораттарын бастакы бөдөҥ ситиһиилээх буомаблааһыннара этэ.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: Англияҕа бүтэһик Фау-1 ракеталар эстибиттэр.
  • 1945 — Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс 4-с аармыйатын Сэбиэскэй аармыйа урусхаллаабыт.
  • 1947 — Мадагаскаарга французтары утары өрө туруу саҕаламмыт.
  • 1955 — Москубаҕа учуонай Юрий Кнорозов майя омук суругун-бичигин туһунан хандьыдаат диссэртээссийэтин көмүскээбит. Кнорозов аныгы дьонтон бастакынан майя суругун аахпыт киһи буолар. Арыйыы уһулуччу буолан быһаччы дуоктар истиэпэнин иҥэрбиттэр.
  • 1974 — Кытай Шэньси куоратын аттыгар Терракота аармыйаны булбуттар.
  • 1995 — Бүлүү куоратын дьаһалтатын быһаарыытынан куорат уруккута Калинин аатынан уулуссатын уларытан, Гавриил Чиряев аатын биэрбиттэр. Бу уулуссаҕа Гавриил Чиряев урут олоро сылдьыбыт эбит.
  • 2004 — БолгарияЭстонияЛатвияЛитваРумынияСловакия уонна Словения НАТО байыаннай блогар киирбиттэр.
  • 2010 — Москуба метротугар икки терракт буолбут, 40 киһи өлбүт, олор истэригэр Дьокуускай олохтооҕо.

Төрөөбүттэр

  • 1893 — Алексей Кралин (1974 өлб.) — Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы, политик.
  • 1927 — Александра Охлопкова — сэбиэскэй кэмнээҕи хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС Үрдүкү сэбиэтин дьокутаата, Саха АССР үөрэҕин миниистирин солбуйааччы.
  • 1932 — Дмитрий Саввинов — прикладной экологияҕа биллиилээх чинчийээччи, биология билимин дуоктара, профессор
  • 1940 — Николай Кычкин — дуобатчыт, Ытык Күөл спортивнай оскуолатын тренерэ, СӨ уонна РФ үтүөлээх тренерэ, Таатта улууһун Ытык киһитэ.
  • 1962 — Дьокуускайга Александр Подголов — Саха сирин бэлиитигэ, түмэт дьайыксыта.

Өлбүттэр

This post was published on 29.03.2022 08:59 08:59