Бэлиэ күннэр
- Азербайджан — Азербайджан куттала суох буолуутун уорганнарын күнэ
- Кабардино-Балкария — Балкаар омугун барҕарыытын уонна балкаар судаарыстыбаннаһа сөргүтүллүүтүн күнэ[1]
- Чехия — «педагогика аҕата» диэн ааттаммыт Ян Амос Коменскай төрөөбүт күнэ
- Кытай, Тибиэт — Тибиэт олохтоохторо кулуттааһынтан босхоломмут күннэрэ
Түбэлтэлэр
- 37 — Калигула Рим импиэрийэтин принцепсэ буолбут (бастакы импэрээтэрдэр б.э.и. 27 сыллаахтан 284 сыллаахха диэри, үс үйэ тухары өрөспүүбүлүкэни «салайсар» принцепстэр этилэр, былаастара сокуонунан хааччахтааҕа)
- 364 — Рим импиэрийэтэ Арҕаа уонна Илин импиэрийэлэргэ арахсыбыт (импэрээтэр Валентиниан импиэрийэ илин өттүн Валент диэн инитигэр салайтара биэрбит).
- 1462 — Иван III Москуба улуу княжествотын баһылыгынан буолбут.
- 1763 — Екатерина II бирикээһинэн Ростов уонна Ярославль митрополита Арсений дуоһунаһыттан үүрүллүбүт уонна көскө ыытыллыбыт.
- 1776 — Москубаҕа Большой тыйаатыр олохтоммут.
- 1795 — Речь Посполита хотугу өттө Курляндия уонна Земгалия герцогствота Арассыыйа импиэрийэтин сорҕотунан буолбут[2].
- 1809 — Франция Испанияны Медельин аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыт.
- 1854 — Кырыым сэриитэ: Франция уонна Британия Арассыыйаҕа сэриини биллэрбиттэр.
- 1910 — Францияҕа бастакы ууттан көтөр уонна ууга түһэр Fabre Hydravion гидросамолету Анри Фабр көтүппүт.
- 1922 — Дьокуускай чугаһыгар Маҥан туһаайыытынан Намсыыр күөлгэ кыһыллары кытта үрүҥ бастаанньыттар кыргыспыттар. Хотторон баран I Үөдэй нэһилиэгин Спасскай таҥаратын дьиэтигэр 100-чэ киһилээх этэрээт түспүт. Хамандыыр — Турнин диэн саха киһитэ.
- 1930 — Константинополь уонна Ангора куораттар саҥа туурактыы ааттаммыттар — Стамбул уонна Анкара.
- 1939 — генерал Франко сэриилэрэ үс күннээх сэрии кэнниттэн Мадрид куораты ылбыттар.
- 1953 — ССРС-ка хаайыылаахтары амнистиялыыр туһунан ыйаах тахсыбыт.
- 1956 — Максим Аммосов реабилитацияламмыт.
- 1959 — КНР судаарыстыбаннай сэбиэтэ Тибиэт бырабыыталыстыбатын ыспыт.
- 1969 — Греция бэйиэтэ, Нобель бириэмийэтин лауреата Гиоргос Сеферис Грецияҕа былааһы ылан олорор байыаннай хунтаны утары аатырбыт тылын эппит.
- 1976 — Польша айанньыта Кристина Хойновская-Лискевич Лас-Пальмастан (Канаар арыылара) бастакы соҕотох дьахтар сири эргийэр устуутун «Мазурек» диэн шлюбунан (9,5 м) саҕалаабыт. Икки сыл кэриҥэ буолан баран 1978 сыл кулун тутар 21 күнүгэр саҕалаабыт сиригэр этэҥҥэ төннүбүтэ.
- 1979 — АХШ-ка ядернай энергетика биир саамай ыар содуллаах саахала — Три-Майл-Айленд АЭС саахала буолбут.
- 2009 — бу чыыһылаҕа планета үрдүнэн олорор дьоннор бары «Сир чааһа» (нуучч. «Час Земли») диэн улахан аһымал акция ыыппыттар. Бу акция сүрүннээн «баараҕай сылыйыыны» (нуучч. «глобальное потепление») утары охсуһуу.
Төрөөбүттэр
- 1592 — Ян Амос Коменскай (1670 өлб.), чиэх гуманист-педагога, суруйааччы, түмэт дьайыксыт.
- 1868 — Максим Горькай (өлб. 1936) — нуучча сэбиэскэй суруйааччыта, элбэх айымньылара сэбиэскэй оскуола бырагырааматыгар бааллара, билигин да хас да айымньыта Арассыыйа оскуолатыгар үөрэтиллэр.
- 1945 — Усуйаанаҕа Евдокия Федорова — Саха сирин демографиятын чинчийээччи, география билимин доктора.
Өлбүттэр
- 1584 — Иван IV Уордаах Уйбаан (1530 төр.), бастакы нуучча ыраахтааҕыта (1547—1584).
Хаартыска интернеттэн.