Бэлиэ күннэр
- Ангола — Кыайыы күнэ
- Бельгия — Француузтуу саҥарар култуура күнэ
- Мьянма — Аармыйа күнэ
- Арассыыйа — Арассыыйа национальнай гвардиятын күнэ. Урут ИДьМ ис сэриилэрин күнэ (1996—2016)
- Румыния — Румыния уонна Бессарабия холбоһууларын күнэ
- Япония — Сакура тыллыытын күнэ
- Аан дойдутааҕы виски күнэ
Түбэлтэлэр
- 1625 — Карл I Англия, Шотландия уонна Ирландия хоруола буолбут, ону таһынан Франция хоруола буолуон баҕарарын биллэрбит.
- 1733 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр (урукку ааҕыынан кулун тутар 16) В. Беринг Иккис Камчааткатааҕы эспэдииссийэтин тэрийэргэ тахсыбыт ыйаахха Тобольскайтан Дьокуускайга диэри ыйга биирдэ почтаны таһар туһунан ыйыллыбыт. Мантан саҕалаан онно анаан суолу уонна дьаамнары тутуу саҕаламмыт.
- 1854 — Кырыым сэриитэ саҕаламмыт. Англия уонна Франция Арассыыйаҕа сэриини биллэрбиттэр.
- 1898 — Арассыыйа Кытайтан Порт-Артур уонна Дальняй портары 25 сылга куортамнаабыт.
- 1907 — Иван Крафт Дьокуускайга кэлбит уонна күбүрүнээтэр буолбут.
- 1920 — Деникин сэриилэрэ Кырыымҥа чугуйбуттар.
- 1928 — Конфедералистар хамсааһыннарын хам баттааһын кэмигэр 24 «бандьыыт» холуобунай дьыалата көрүллүбүт. Ол түмүгэр 20 киһи сууттаммакка эрэ бириигэбэрдэнэн ытыллыбыттар — Павел Ксенофонтов, Михаил Артемьев уонна да атыттар.
- 1953 — ССРС-ка хаайыыга сытааччылары амнистиянан босхолуур туһунан биллэриллибит.
- 1958 — Никита Хрущев ССРС совминын бэрэстээтэлэ буолбут.
- 1964 — Аляскаҕа буолбут сир хамсааһынын түмүгэр 118 киһи өлбүт.
- 1981 — «Солидарность» диэн тутулуга суох идэлээх сойуус Польшаҕа дойдуну барытын хабар забастовка тэрийбит.
- 1993 — Цзян Цзэминь Кытай салайааччыта буолбут.
- 1996 — Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр Илин Пруссия иһин кыргыһыыга хорсун быһыыны оҥорбут Михаил Стрекаловскайга Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- 2011 — Арассыыйаҕа сайыҥҥы кэмҥэ көһүү тиһэҕин буолбут. Бу кэнниттэн сайыҥҥы-кыһыҥҥы диэн чаас сыҕарыйбат буолбута.
- 2020 — Хотугу Македония НАТО 30-с чилиэнэ буолбут.
Төрөөбүттэр
- 1845 — Вильгельм Рентген, ньиэмэс физигэ, физикаҕа Нобель бириэмийэтин бастакы лауреата (1901 сыл).
- 1899 — Алексей Егоров — Саха сиригэр биология, химия оскуолатын төрүттээччи, сахаттан бастакы химическэй наука кандидата, биологическай наука доктора.
- 1916 — Георгий Игнатьев — Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха театрын дириэктэрэ.
- 1960 — Петр Баснаев — СӨ үтүөлээх артыыһа (2000), РФ үтүөлээх артыыһа (2010).
Өлбүттэр
- 1928 — Михаил Артемьев (1888—1928) — XX үйэ саҕаланыытыгар үлэлии-хамныы сылдьыбыт Саха сирин политическэй диэйэтэлэ. Аатырбыт конфедералистар бастаанньаларын салайааччыларыттан биирдэстэрэ.
- 1968 — авиакатастрофаҕа бастакы космонавт Юрий Гагарин (1934 төр.) өлбүт.
This post was published on 27.03.2022 09:01 09:01