Кулун тутар 21 күнэ. Саха сиригэр сылгыһыт күнүн бэлиэтииллэр - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1556 — Оксфордка Биибилийэни ааҥыл тылыгар тылбаастаабыт Томас Кранмер диэн эпиискэби уматан өлөрбүттэр.
  • 1844 — Бахаи халандаара саҕаланар. Бахаи итэҕэлин дьоно бу күн саҥа дьылы бэлиэтииллэр.
  • 1871 — Отто фон Бисмарк Германия импиэрийэтин бастакы рейхсканцлера буолбут.
  • 1901 — идэтийбит өрөбөлүүссүйэньиэр, Тифлискэ сэссийээл-дэмэкэрээттии түмсүү салайааччыта Виктор Курнатовскай 2,5 сылга хаайыллыбыт уонна 4 сылга Илин Сибииргэ көскө ыыттыллыбыт. Хаайыытын болдьоҕо бүтүүтэ 1903 сыллаахха сэтинньи ыйга Дьокуускай куоракка көскө ыытыллыбыт. Манна 1904 сыллаахха 56 сыылынайдар өрө турууларын — «Романовканы» — салайбыт.
  • 1918 — Дьокуускай куораттааҕы Сэбиэт талыллыбыт.
  • 1919 — Венгерскай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ үөскээбит.
  • 1921 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа байыаннай хомуньууһум бэлиитикэтин оннугар саҥа экэниэмикэ бэлиитикэтэ биллэриллибит.
  • 1943 — Вермахт эппиһиэрэ Рудольф фон Герсдорф Адольф Гитлеры өлөрө сатаабыта сатамматах.
  • 1961 — Арҕаа Сибииргэ бастакы хара уматык (ньиэп) хачайдаммыт.
  • 1980 — АХШ бэрэсидьиэнэ Джимми Картер 1980 сыл сайыныгар Москубаҕа буолуохтаах Олимпиаданы АХШ бойкуоттуурун туһунан биллэрбит. Төрүөтэ: Сэбиэскэй Сойуус Афганистааҥҥа сэбилэниилээх күүстэрин киллэриитэ.
  • 1990 — Намибия 75 сыл кэнниттэн ЮАР-тан тутулуга суох буолбут.
  • 1992 — Татарстааҥҥа референдум буолбут, олохтоохтор үс гыммыт иккилэрэ тутулуга суох дойду ыстаатыһын иһин куоластаабыттар.
  • 2000 — Иоанн Павел II аан бастаан Израильгэ сылдьыбыт.
  • 2013 — Саха Сирин успуордун миниистирин бастакы солбуйааччынан аатырбыт боксуор Георгий Балакшин анаммыт.
  • 2006 — Twitter түмэт-ситим олохтоммут.

Төрөөбүттэр

  • 1912 — Георгий Башарин, саха аатырбыт устуоруга, түмэт дьайыксыта (уопсастыбаннай диэйэтэлэ), РСФСР уонна Саха АССР билимнэрин үтүөлээх дьайыксыта(диэйэтэлэ), устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.
  • 1915 — Бороҕон улууһун Хоротугар Евграф Крылов (1974 өлб.), саха худуоһунньуга, айылҕаны дьүһүйүү маастара.
  • 1941 — Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар Люлия Григорьева, саха бэлиитигэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ (1985-1989).
  • 1950 — Амма Бөтүҥэр Николай Ефремов, саха тылын синтэксииһин чинчийэр учуонай, тыл үөрэҕин билимин дуоктара.
  • 1957 — Кэбээйи оройуонун Кэбээйи сэлиэнньэтигэр Иван Иннокентьев, нууччалыы суруйар саха суруйааччыта, суруналыыс.

Өлбүттэр

  • 1990 — Бороҕон улууһун Суоттутуттан төрүттээх Петр Барашков (1910—1990), — саха тылын дорҕоонун уонна түөлбэ тылын чинчийбит учуонай, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

This post was published on 21.03.2022 09:01 09:01