Сыспай сиэллээҕи сырыырҕатар ытык-мааны сылгыһыттары, сылгыны үөрдээн иитиигэ үлэлэһэр бары үлэһиттэри, сылгы куттаах сахабыт дьонун Сылгыһыт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Сылгы иитиитэ сахаларга биир сүрүн уонна төрүт салаа буолар. Мээнэҕэ саханы Күн Дьөһөгөй Айыы таҥаралаах норуот диэхтэрэ дуо?! Былыр-былыргыттан саха олоҕун укулаата, ону кытта култуурата, үгэстэрэ Дьөһөгөй оҕотун кытта ыкса ситимнээхтэр. Ол курдук сылгыны иитии норуоппут төрүт үгэһинэн буолар. Сылгы уонна сылгыһыт, саха норуотун дьылҕатыгар уһулуччу суолтатын бэлиэтээн, 2016 сыллаахха анал ыйааҕынан кулун тутар 21 күнүн Сылгыһыт күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу дьыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 182 114 сылгы, ол иһигэр 122 637 биэ баар. Улахан болҕомто племенной үлэҕэ ууруллар. Күн бүгүн Арассыыйа статустаах сылгы иитэр 26 племенной хаһаайыстыбалаахпыт, 2015 сылга 16 хаһаайыстыба этэ. 4 сылгы собуоттаахпыт. Саха боруода сылгылары элбэтиигэ, тарҕатыыга үлэ барар. 10 тыһыынча кэриҥэ племенной сылгыылаахпытыттан биэтэ – 6 тыһыынчаттан тахса. Дойду Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин племсэбиэтин 2022 сыл бэс ыйын 9 күнүнээҕи быһаарыытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ племенной дьиэ кыылын-сүөлүн иитии устуоруйатыгар аан маҥнайгынан саха сылгытын иитиигэ племенной собуот аата Амма улууһунааҕы И.Я. Строд аатынан ТХПК-гэр (салайааччы В.В. Тимофеев) иҥэриллибитэ.
Сыспай сиэллээҕи элбэтии, хаачыстыбатын тупсарыы, сылгыттан ылыллар бородууксуйаны үксэтии, барыстаахтык үлэлиир сыал-сорук уҕараабат.
Ол түмүгэр сылгы этин оҥорон таһаарыы, тыыннаах ыйааһынынан, 13 889,7 туоннаҕа тиийдэ. Саха сирин бэйэтэ оҥорор бүттүүн этиттэн сылгы этэ 35 бырыһыанын ылар буолла.
Ааспыт сылга бу салааны сайыннарыыга судаарыстыбаттан 451 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ, мантан 199 мөл. солкуобайа – федеральнай бюджеттан. Быйыл барыта 569 мөл. солкуобай, ол иһигэр федеральнай бюджеттан 167,2 мөл. солк. ыытыллара былааннанар.
Маныаха тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр 5-тии тыһ. солкуобайынан 331 мөл. солкуобай (эрдэ 3-түү тыһ. солкуобайынан 197,8 мөл. солкуобай тиийэрэ); племенной төрүөҕү биэрэр биэлэргэ 75,9 мөл. солкуобай (2021 с. 69,1 мөл. солкуобай этэ); сылгы собуоттарын өйөөһүҥҥэ 63,9 мөл. солкуобай (2022 с. 44,9 мөл. солкуобай этэ); сылгы базатын тутууга 63 мөл. солкуобай (2022 с. 54 мөл. солкуобай этэ).
Манна даҕатан эттэххэ өссө 2016 сыллаахха тахсыбыт Ил Дархан 1373 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар дьаһаллар тустарынан» диэн Ыйааҕа сылгы иитиитигэр тосту уларытыыны киллэрбитэ. Ол курдук сылгы базатын тутуу, племенной ыччат сылгыны иитии, сылгыһыттар үөрэнэр кииннэрин тэрийии, ыраах сытар учаастактары туһаҕа таһаарыы, сылгы бородууксуйатын тиэйиини-таһыыны тэрийии, улуус мэччирэҥиттэн көрөн сылгы ахсаанын былааннааһын уо.д.а. дьаһаллар бэлиэтэммиттэрэ. Сир Кодексыгар государство, муниципалитет бас билиилэригэр баар сирдэри сылгы хаһаайыстыбаларыгар сыһыарар туһунан балаһыанньа киллэриллэн, биир сылгыга гектартан итэҕэһэ суох оттуур ходуһа, аҕыс гектар мэччирэҥ сыһыарыллар буолбута.
Сылгы үөрүн дэриэбинэттэн тэйитэр, ынах мэччирэҥин, оттуур ходуһалары харыстыыр уонна ыраах учаастактары туһаҕа таһаарар сыалтан, эбии үбүлээһин көрүллэн, 2017 – 2019 сылларга 250 сылгы базаны тутууга 1-дии мөл. солкуобайдаах көмө үп бэриллибитэ. 2021 сылтан биир базаҕа 3 мөл. солкуобайга диэри үрдэтиллэн, 17 база тутулунна. Маны тэҥэ бастыҥ хаһаайыстыбаларга олоҕуран Өймөкөөҥҥө “Тоноор” кэпэрэтиип, Хаҥалас улууһугар “Бөртө” сылгы собуотун уонна Ньурбаҕа “Чаппанда” кэпэрэтиип базаларыгар 3 үөрэтэр киин тэрилиннэ.
Маны сэргэ «Саҥа саҕалыыр бааһынай хаһаайыстыбаларын өйөөһүн» уонна «Дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыы» федеральнай программалар конкурстарыгар 2012-2022 сылларга сылгы иитиитинэн дьарыктанар 281 бааһынай хаһаайыстыба 591 мөл. солк сууммалаах грант ылан, база тутуннулар, эбии сылгы уонна техника атыыластылар. Бу үлэлэрин саҕалыыр эдэр дьоҥҥо улахан көмө буолла.
Бу курдук сылгыны үөрдээн иитиинэн дьарыгырар хаһаайыстыбалар инники өттүгэр үлэлэрин эрдэттэн былааннанан, судаарыстыба көрөр көмөтүн таба туһанан, туһаныллыбакка сытар мэччирэҥ, ходуһа сирдэри сыһыарынан, сылгы базаларын туттан, эдэр сылгыһыттарын үөрэттэрэн, племенной үлэнэн көдьүүстээхтик дьарыктанан, сылгыны эбии атыылаһан кэҥиир уонна сайдар суолга киириэхтэрин сөп. Инникитин бу ылыллыбыт сорукпутун толорон, биһиги иннибитигэр сылгыбыт ахсаанын элбэтэн, сылгы иитиититтэн ылыллар барыыс хайысхаларын кэҥэтиини ситиһэр сорук турар.
Төһө да уустук кыстык охсуута мэһэйдээтэр, ахсаан түһүүтүн салгыы таһаарбат, төттөрүтүн үксэтэр, бородууксуйа бэлэмин улаатыннарар туһугар ахсаабат кыһамньыгытын уураргытын өйдөөн, махтанан туран, бэйэбит өттүбүтүттэн көмөлөһөр, кыалларынан өйүүр баҕабытын ыһыктыбаппыт. Бары күүспүтүн түмэн, саханы саха дэппит төрүт дьарыкпытын туруктаах, кыахтаах оҥорууга үлэлэһиэҕиҥ, сүбэбитин холбуоҕуҥ диэн ыҥырабыт!
Томороон тымныыттан, өҥүрүҥ куйаастан толлубакка, сыралаах, сындылҕаннаах, ыарахан үлэҕэ сылдьар тулуурдаах, хорсун сылгыһыттарбытыгар ситиһиилээх үлэни, чэгиэн туругу баҕарабын. Сыралаах үлэҕит үтүө түмүктээх эрэ буоллун!
Ытыктабылы кытта, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов.
This post was published on 21.03.2023 14:01 14:01