Кулун тутар 19 күнэ. Тымныы оҕуһун көхсө сууллар, салгын сылыйан барар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, Өлүөнэҕэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскайга, Кэбээйигэ 15-20 м/с күүстээх тыал түһэрэ күүтүүллэр, оттон Эдьигээҥҥэ 18-23 м/с түргэн тыаллаах буурҕа түһүөҕэ

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, соҕуруу-илинтэн түүн 1-4 м/с, күнүс 4-9 м/с түргэн тыаллаах.

Температура түүн  -25-27°С, күнүс  -5-7°С кыраадыс тымныы, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 19.03.2024 10:01 10:01