Бүгүн, кулун тутар 19 күнүгэр, Өлүөнэҕэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскайга, Кэбээйигэ 15-20 м/с күүстээх тыал түһэрэ күүтүүллэр, оттон Эдьигээҥҥэ 18-23 м/с түргэн тыаллаах буурҕа түһүөҕэ
Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, соҕуруу-илинтэн түүн 1-4 м/с, күнүс 4-9 м/с түргэн тыаллаах.
Температура түүн -25-27°С, күнүс -5-7°С кыраадыс тымныы, суруйда Саха сирэ саайт.