Кулун тутар 19 күнүгэр Саха сиригэр "Азия оҕолоро" оонньуулар уота умайыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кулун тутар 19 күнүгэр «Азия оҕолоро» VIII норуоттар ардыларынааҕы оонньуулар уота Саха сиригэр уматыытын сиэрэ-туома буолуоҕа. Тэрээһиҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылыаҕа.

Үөрүүлээх дьаһалга РФ Олимпийскай кэмитиэтин президенэ Станислав Поздняков, кэмитиэт президенэ Владимир Максимов, хоккейга икки төгүллээх олимпийскай чемпион Вячеслав Фетисов ыалдьыттыахтара, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.

Үгэс быһыытынан Өлүөнэ очуостарыгар сахалыы сиэри-туому тутуһан Уоту уматыы ыытыллыаҕа. Бу күн оонньуулар үөскээн тахсыбыт сир ийэҕэ сүгүрүйүөхтэрэ.

This post was published on 15.03.2024 19:32 19:32