Кулун тутар 18 күнэ. 1922 сыллааҕы Хохочой тоһуура - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

  •  Аруба — Былаах уонна өрөгөй ырыатын күнэ
  •  Италия — COVID-19 сиэртибэлэрин күнэ
  •  Миэксикэ — Ньиэп экспроприяциятын күнэ. 1938 сыллаахха бэрэсидьиэн Ласаро Карденас ньиэби хостуур хампаанньалар хамнаһы үрдэппэтэхтэриттэн сылтаан баайдарын-дуолларын дойду туһатыгар былдьыырга быһаарбыт.
  •  Соҕуруу Осетия — Ередви сэлиэнньэҕэ 1991 сыллаахха буолбут алдьархай сиэртибэлэрин күнэ
  •  Туурсуйа — Галлиполи кыайыытын күнэ (1915)

Түбэлтэлэр

  • 37 — Калигула импэрээтэр буолбут.
  • 1229 — Крестоносецтар 1187 сыллаахха Салах ад-Дин султан суох гыммыт Иерусалим хоруоллугун сөргүппүттэр.
  • 1241 — Хмельник анныгар (Краков атта) буолбут кыргыһыыга Алтан Ордуу сэриитэ Польша сэриитин урусхаллаабыт. Моҕуоллар салгыы Европаҕа барбыттар.
  • 1325 — Теночтитлан олохтоммут, кэлин ацтектар импиэрийэлэрин киин куората буолбута.
  • 1831 — АХШ Үрдүкү суута индеецтэр федеральнай суукка үҥсүү киллэрэр бырааптара суоҕун туһунан быһаарыы ылбыт.
  • 1839 — Кытай ыраахтааҕыта дойдуга опиуму киллэрэн атыылыыры боппут. Мантан сылтаан Британия Кытайга саба түспүтэ, Бастакы Опиум сэриитэ саҕаламмыт.
  • 1850 — Саха уобалаһын начаалынньыгынан надворнай советник, уруккута уобалас бырабылыанньатын советнига Иван Фролов анаммыт. 1852 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри дуоһунаска олорбут. Дьокуускайга өлбүт.
  • 1861 — 4 сыллаах бэлэмнэнии кэнниттэн Александр II ыраахтааҕы Арассыыйаҕа крепостной быраабы суох гыммыт.
  • 1867 — Арассыыйа уонна Япония конвенцияҕа илии баттаан, Сахалин арыыны бииргэ көрөр-истэр, салайар буолбуттар. Икки дойду олохтоохторо арыыга олохсуйар быраабы ылбыттара.
  • 1869 — Нуучча химиятын уопсастыбатын мунньаҕар Д. И. Менделеев аатыттан Н.А. Меншуткин элэмиэннэр атомнарын ыйааһыныттан кинилэр свойстволара тутулуктааҕын туһунан биллэриини оҥорбут (кэлин Периодическай систиэмэ табылыыссата диэн аатынан биллибитэ).
  • 1871 — Парижтааҕы коммуна (кулун тутар 18 — ыам ыйын 28 кк.). Бу күн коммуна олохтонуутун туһунан прокламация бэчээттэммит.
  • 1915 — Аан дойду бастакы сэриитэГаллиполи аттынааҕы кыргыһыыга Британия уонна Франция эскадралара Туурсуйа хонтуруоллуур Дарданелла силбэһиитин ыла сатаабыттар. Мустафа Кемаль (кэлин Ататюрк) хамаандалаах туурактар кыайыылаах хаалбыттар, өстөөх үс линкорун тимирдибиттэр. Билигин бу силбэһии Чанаккале — Чанаак кириэппэһин — силбэһиитэ диэн ааттанар.
  • 1917
    • Николай II ыраахтааҕыны хаайбыттар.
    • Николай II уонна Улуу кинээс Михаил Александрович бөрүстүөлтэн батыналларын туһунан докумуоннара бэччээккэ тахсыбыт.
    • Оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын бүтүн Арассыыйатааҕы мунньахтара саҕаламмыт.
    • Арассыыйаҕа бассабыыктар бобуулаах «Правда» хаһыаттара сөргүтүллүбүт.
  • 1917 — Бүлүү уокуругар КОБ (уопсастыбаны кутталтан көмүскүүр кэмитиэт) тэриллибит.
  • 1918
    • Совнарком Москубаҕа тахсар «буржуазнай» хаһыаттары сабар уонна эрэдээктэрдэрин уонна таһаарааччыларын суукка биэрэр туһунан уурааҕы таһаарбыт.
    • Антанта дойдулара Арассыыйа уонна Германия ыккардыларыгар түһэрсиллибит Брестээҕи эйэ сөбүлэҥин билиммэттэрин туһунан биллэрбиттэр.
  • 1921 — Ригатааҕы эйэ дуогабарынан Арҕаа Украина уонна Арҕаа Белоруссия Польша бас билиитигэр киирбиттэр.
  • 1921 — Сухэ-Баатар салалталаах моҕуоллар сэриилэрэ Алтанбулаг куораты кытайдартан босхолообут.
  • 1921 — Кронштадт мотуруостарын бассабыыктары утары өрө турууларын Тухачевскай сэриилэрэ хам баттаабыттар.
  • 1922 — Хохочой тоһуура: билиҥҥи Бүлүү улууһугар Хохочой сиригэр кыһыллар 19 киһилээх В. Шатаев хамандыырдаах этэрээттэрэ бастаанньыттар тоһуурдарыгар түбэспитэ.
  • 1922 сыллаахха Г.С. Слепцов (Үөһээ Халыма улууһун кулубата) баһылыктаах үрүҥнэр Хаһаачыйа сэлиэнньэтин ылбыттар. Бу дьон капитан Н.П. Хапилин этэрээтигэр киирсэллэр эбит.
  • 1933 — Саха сириттэн 8 хайыһардьыт Дьокуускайтан Иркутскайга диэри айаннара түмүктэммит. Старт тохсунньу 6 күнүгэр «Динамо» стадионун таһыгар бэриллибитэ. Күҥҥэ ортотунан 45—50 км бараннар, 72 күн устата хайыһардьыттар 3000 км, онтон 56-тын хайыһарынан барбыттара бэлиэтэммит. Москубаттан кэлбит телеграммаҕа «Динамо түмсүү киин сэбиэтэ хоһуун «динамовецтары» туруоруллубут сыалы ситиспиккитинэн эҕэрдэлиир» диэн суруллубут.
  • 1946 — ССРС-ка сэрии кэнниттэн бастакы биэс сыллаах былаан ылыныллыбыт.
  • 1946 — Аан дойду Баана аһыллыбыт.
  • 1949 — НАТО үөскээбит.
  • 1965 — Сэбиэскэй космонавт Алексей Леонов дьонтон аан бастакынан аһаҕас космоска тахсыбыт.
  • 2014 — Арассыыйа уонна Кырыым түмэннэрэ холбоһуу туһунан сөбүлэҥи бигэргэппиттэр.
  • 2016 — СӨ Төрүт сокуоҥҥа хамыыһыйатын мунньаҕар Ил Дархан Егор Борисов киллэрбит көннөрүүлэрин көрбүттэр уонна өрөспүүбүлүкэ аата саха тылын таба суруйуутун быраабылатыгар сөп түбэһэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн суруллуоҕа диэн быһаарбыттар.

Төрөөбүттэр

  • 1844 — Николай Римскай-Корсаков — Арассыыйа биллиилээх композитора. Атын композитордарга улахан дьайыыны оҥорбут киһи.
  • 1923 — Николай Баишев-I — аатырбыт 1945 сыллааҕы «Верхоянскай — Дьокуускай — Верхоянскай» хайыһар эспэдииссиэйтин чилиэнэ.
  • 1948 — Анастасия Божедонова — СӨ бэрэсидьиэнин Ыал уонна оҕо дьыалаларын Кэмитиэтин салайааччыта буола сылдьыбыт, CӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, социология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

  • 1982 — Иван Шаманов (25.09.1908 төр.) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944). Сэрии иннинээҕи сылларга Саха Сиригэр, Михаил Лорины кытта, лётчик-аэрофотосъёмщик быһыытынан үлэлээбит.
  • 1996 — Одиссей Элитис, гириэк бэйиэтэ, литэрэтиирэ кириитигэ, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1911 төр.).

This post was published on 18.03.2022 08:59 08:59