1933 сыл кулун тутар 15 күнүгэр Саха сириттэн алта хайыһардьыт Дьокуускайтан Хабаровскайга тиийбиттэр. Айан кистэлэҥ этэ. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн хас биирдиилэригэр бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ, бу туһунан Бикипиэдьийэ суруйда.
Бэлиэ күннэр
- Туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр күн.
- Белёктары көмүскүүр күн.[1]
- Беларусь, Конституция күнэ.
- Венгрия, 1848 с. өрөбөлүүссүйэ саҕаланыытын күнэ.
- Либерия, Робертс күнэ.
- Япония, Өлгөм сыл күнэ.
- Испания — Фальяс.
Түбэлтэлэр
- 1812 — Калифорнияҕа бастакы нуучча сэлиэнньэтэ олохтоммут — Росс холуонньа. Бу сэлиэнньэҕэ элбэх саха олорбута, үлэлээбитэ.
- 1822 — Александр I ыраахтааҕы Арассыыйа судаарыстыбатын сэбиэтэ «Об отсылке крепостных людей за дурные поступки в Сибирь на поселение» оҥорбут докумуонун бигэргэппит.
- 1917 — Николай II ыраахтааҕы бөрүстүөлтэн батыныыга илии баттаабыт, былааһы быраатыгар Михаил Александровичка биэрэрин биллэрбит. Бу күн Арассыыйаҕа Г. Е. Львов баһылыктаах Быстах кэм бырабыыталыстыбата олохтоммут, былааһы кини ылбыт.
- 1920 — Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб былааһы Быстах кэмнээх Саха сиринээҕи губревкомҥа туттарбыт. Губревком бэрэссэдээтэлэ — Х.А. Гладунов, чилиэннэрэ — Т.З. Винокуров, М. Соловьев.
- 1933 — Саха национальнай байыаннай учуулуссатын (ЯНВШ) 6 курсаана хайыһарынан тохсунньу 15 күнүттэн 58 күн устата айаннаан Дьокуускайтан Хабаровскайга тиийбиттэр. Айан кистэлэҥ этэ. Хайыһардьыттар хотугу дойдуга саллаат таҥаһа-саба тымныыны төһө тулуйар кыахтааҕын, ытар сэп-сэбиргэл тымныыга хайдах үлэлиирин, уустук айаҥҥа күннээҕи аһылык нуормата төһө буоларын уонна хайыһары, сааны-саадаҕы табыгастаахтык хайдах туттуохха сөбүн билэр соруктаахтара. Уһук Илиннээҕи аармыйа хамаандыссайа Василий Блюхер бу бохуот ситиһиилээхтик түмүктэммитин кэннэ хас биирдиилэригэр Махтал сурук туттарбыта уонна бинтиэпкэ бэлэхтээбитэ.
- 1938 — ВКП(б) биллиилээх диэйэтэллэрэ Н. И. Бухарин, А. И. Рыков, Н. Н. Крестинскай уо.д.а. ытыллыбыттар.
- 1939 — Чехословакияны Германия оккупациялаабыт.
- 1943 — олунньу 17 күнүттэн Гжатскай анныгар буолбут кыргыһыыларга кыттыбыт Ньурба учуутала Александр Чусовской ыараханык бааһырбыт. Үтүөрэн баран сулууспатын салҕаабыта. Кэлин Саха АССР үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччыта (1954—1962) буола сылдьыбыта, Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала (1953) ытык ааты ылбыта, 90 сааһыгар диэри олорбута.
- 1949 — В.И. Ленин аатынан Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыба наукаларын Академиятын бэрэсидьиэнэ Лысенко Т.Д. Саха сирин дэлэгээссийэтин кытта көрсүбүт. Дэлэгээссийэни Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Василий Протодьяконов — Кулантай салайбыта.
- 2007 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-бэрэсидьиэнинэн Евгения Михайлова талыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1930 — Лобанов Федор — саха аатырбыт ырыаһыта, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1932 — Михаил Тимофеев (15.03.1932—22.01.2013) — саха народнай бэйиэтэ.
- 1935 — Василий Парников (Сэксэй) (15.03.1935—2000) — саха худуоһунньуга, график.
- 1938 — Василий Сидоров — фотограф, суруйааччы, РСФСР олох-дьаһах ѳҥѳтүнэн хааччыйыыга үтүѳлээх үлэһитэ, туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун, Алтан, Хара нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, «Таммахтар» литэрэтиирэ холбоһук чилиэнэ, «Эркээйи» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
- 1943 — Афанасий Павлов — устуоруйа билимин хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Билии» уопсастыба тутаах лектора.
Өлбүттэр
- Б.э. иннинэ 44 — Юлий Цезарь, Рим импэрээтэрэ.
- 1998 — Бенджамин Спок (1903 төр.), аан дойдуга биллибит педиатр быраас, кыра оҕону көрүүгэ кинигэлэр ааптардара.
This post was published on 15.03.2021 09:01 09:01