Хой ♈️
Ыксаллаах быһыыга-майгыга эн түргэн-тарҕан туттунууҥ элбэҕи быһаарыа
Оҕус ♉️
Бүтэһигэр диэри киирис, оччоҕуна эрэ үчүгэй түмүктээх буолуо
Игирэлэр ♊️
Тус олоххор, үлэҕэр уларыйыы бөҕө тахсаары турар
Рак ♋️
Өр кэмҥэ саныы сылдьыбыт баҕа санааҥ туолар кэмэ кэллэ
Хахай ♌️
Чугас киһигиттэн соһуччу интэриэһинэй этии киириэҕэ, бэлэм буол
Кыыс ♍️
Харчыга сыһыаннаах боппуруостар судургутук быһаарыллыахтара, эбии дохуот киирэрэ күүтүллэр
Ыйааһын ♎️
Атын дьоҥҥо табыллар буоллаҕына эйиэхэ эмиэ табыллыахтаах
Скорпион ♏️
Хаста да холонон көрүүттэн чаҕыйыма, тиһэҕэр бэйэҕэр сыһыаннааҕы булуоҥ, хайаан даҕаны
Охчут ♐️
Санааҕар эн кыһыҥҥа сылдьар курдуккун, ол эрэн бириэмэни ыксатыма, билиҥҥи буола турартан дуоһуйууну ыл
Чубуку ♑️
Бу күн үгүс түбүгү көрсүөҥ, ол эрэн иннигэр элбэх кэрэ-бэлиэ түгэннэр күүтэллэр
Күрүлгэн ♒️
Олоххор уларыйыы бөҕөтө буолаары турар, сүрүннээн дьиэлээхтэргин кытары сыһыаҥҥа
Балыктар ♓️
Бүгүн элбэх быһаарыныы ылыныаҥ, үчүгэйдик толкуйдуу түһэр мэһэйдиэ суоҕа.
Аһаҕас источник
This post was published on 14.03.2024 09:06 09:06