1784 сыл кулун тутар 14 күнүттэн Ыраахтааҕы 1783 сыллаах кулун тутар 6 күнүнээҕи уурааҕынан Иркутскай наместничество иһинэн урукку Дьокуускай провинцияттан Саха уобалаһа (Якутская область) тэриллибит. Хамыһаарыстыбалар оннуларыгар биэс уезд тэриллибит:
-
- Эдьигээн (Жиганский) (киинэ — Эдьигээн куорат)
- Зашиверскай (киинэ — Зашиверскай куорат)
- Оленскай (Бүлүү) (киинэ — Оленскай куорат)
- Өлүөхүмэ (киинэ — Өлүөхүмэ куорат)
- Дьокуускай (киинэ — Дьокуускай куорат)
М.С. Горбачев ССРС бастакы уонна бүтэһик бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт.
Аатырбыт физик Альберт Эйнштейн, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа Виктор Саввин, Саха сирин бастакы идэтийбит дьахтар-суруналыыһа, «Кыым» хаһыат тутаах эрэдээктэрэ Федора Егорова төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Андорра — Төрүт сокуон күнэ
- Украина — Доброволец күнэ[1]
- Эстония — Төрөөбүт тыл күнэ[2]. Эстония бэйиэтэ, сырдатааччы Кристьян Яак Петерсон (1801) төрөөбүт күнүгэр 1998 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Айымньыларыгар айылҕаны, сиэрдээх быһыыны хоһуйар эбит
- Япония — Үрүҥ күн
- Арассыыйа — Геодезия уонна картография үлэһиттэрин күнэ. Кулун тутар иккис баскыһыанньатыгар бэлиэтэнэр
Түбэлтэлэр:
- 1657 — Голландияҕа төрөөбүт Идес Избрант (Елизарий) Арассыыйаҕа ыраахтааҕылаан олорор икки уол сорудаҕынан Кытай богдыханын көрсөр соруктаах айанын саҕалаабыт.
- 1784 сыл кулун тутар 14 күнүттэн Ыраахтааҕы 1783 сыллаах кулун тутар 6 күнүнээҕи уурааҕынан Иркутскай наместничество иһинэн урукку Дьокуускай провинцияттан Саха уобалаһа (Якутская область) тэриллибит. Хамыһаарыстыбалар оннуларыгар биэс уезд тэриллибит:
- Эдьигээн (Жиганский) (киинэ — Эдьигээн куорат)
- Зашиверскай (киинэ — Зашиверскай куорат)
- Оленскай (Бүлүү) (киинэ — Оленскай куорат)
- Өлүөхүмэ (киинэ — Өлүөхүмэ куорат)
- Дьокуускай (киинэ — Дьокуускай куорат)
- 1853 — Тифлис куоракка бастакы «Чэркиэс тылын букубаара» тахсыбыт.
- 1920 — амньыыстыйаламмыт Өксөкүлээҕи Саха күбүөрүнэтин чинчийэр подотделын уус-уран литэрэтиирэҕэ сиэксийэтин сэбиэдиссэйинэн анаабыттар.
- 1925 — Семен Новгородов салайааччылаах сэбилэниилээх бөлөх соһуччу Булуҥу ылбыта. Уокурук 5 салайааччытын сууттаан, ол иһигэр Илья Винокуровы, ытарга уурбуттара. Ол эрэээри олохтоохтор туруорсууларынан хаайыллыбыт дьону барытын босхолуурга күһэллибиттэрэ. Босхоломмут дьон тута кистэлэҥ этэрээт тэринэн 14-с сууккаларыгар былаастарын төннөрбүттэрэ. Бастаанньаһыттар икки салайааччылара Михайлов уонна Слепцов ытыалаһыыга өлбүттэрэ, атыттарын ,эмиэ олохтоохтор туруорсууларынан,сааларын-сэптэрин былдьаан баран, дьиэлэригэр ыыппыттара. Бастаанньаһыттар сүрүн салайааччылара С. Т. Новгородов эмиэ ыытыллыбыта уонна дойдутугар Верхоянскайга тиийбитэ (онно өлбүтэ). Мантан сылтаан Винокуров уокурукка байыаннай этэрээт тэрийбитэ, бэйэтэ онно начааллынньыктаабыта. Ол этэрээтэ нөҥүө 1926 сыллаахха ,аны Храповицкай диэн ыраахтааҕы эппиһиэрин бөлөҕө саалаах-саадахтаах кэлбитин хаан тохтуута суох тохтоппута.
- 1990 — ССРС бэрэсидьиэнин быыбара буолбут, онно М. С. Горбачёв кыайбыт, ССРС бастакы уонна бүтэһик бэрэсидьиэнэ.
- 1990 — ССРС Конституциятыттан ССКП салайар оруолун туһунан 6-с ыстатыйа сотуллубут.
- 2000 — Адыгеяҕа Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтиир буолбуттар.
- 2013 — Бааскилар дойдуларыгар (Испания) 18-с Коррика эстафетата саҕаламмыт, уон хонук буолбут. Икки сыл буола-буола тылларын өйөөн элбэх киһи кыттыылаах сүүрүү тэрийэллэр.
Төрөөбүттэр:
- 1879 — Германияҕа дьадаҥы дьэбириэй кэргэнигэр Альберт Эйнштейн — аатырбыт физик.
- 1908 — Виктор Саввин (1978 өлб.) — Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Саха АССР народнай артыыһа, РСФСР үтүөлээх артыыһа
- 1934 — Федора Егорова (2004 өлб.) — Саха сирин бастакы идэтийбит дьахтар-суруналыыһа, «Кыым» хаһыат тутаах эрэдээктэрэ,
- 1935 — Афанасий Самыров (16.09.2001 өлб.) — идэлээх сойуустар диэйэтэллэрэ.
Өлбүттэр:
- 1883 — Карл Хайнрих Маркс (Karl Heinrich Marx) — ньиэмэс устуоруга уонна экэнэмииһэ, хомуньууһум үөрэҕин олохтооччу.
- 2015 — Валенти́н Распу́тин (15.03.1937 төр.) — Ангара кытылыгар төрөөбүт, улааппыт нуучча суруйааччыта, публицист, түмэт диэйэтэлэ. «Дэриэбинэ прозатын» бэрэстэбиитэлэ, айымньыларыгар Сибиир көннөрү олохтоохторун олохторун, кыһалҕаларын арыйбыта.
- 2018 — Стивен Хокинг (1942 төр.) — Англия физигэ уонна математига. Билими тарҕатааччы, сырдатааччы.
This post was published on 14.03.2021 09:02 09:02