15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Кулун тутар 12 күнэ. 1918 сыллаахха Арассыыйа киин куоратынан Москуба буолбут - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

  • Ацтектар — Саҥа дьыл[2]
  • Киберцензураны кытта охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ[3]

Түбэлтэлэр

  • 538 — Остготтар хоруоллара Витигес Римы төгүрүктээһинин тохтотон Равеннаҕа төннүбүт, куорат кыайыылаах полководец Велизарий илииитигэр хаалбыт.
  • 1229 — крестоносецтар аармыйалара Иерусалимҥа киирбит.
  • 1365 — Венатааҕы университет олохтоммут, Киин Европа үһүс кырдьыаҕас үрдүк үөрэҕин кыһата.
  • 1609 — Бермуд арыылара Британия холуонньата буолбуттар.
  • 1632 — атамаан Иван Галкин ыраахтааҕыга суругар маннык диэбит: “…Да тех же, государь, якольских дюдей князец Тынина (Тыгыны итинник ааттыыр), да князец Бойдон живут на реке Лене и с нами, холопами твоими, дрались по вся дни и твоего, государева, ясаку нам не дали и нас, государь, холопей твоих, не хотели из своей земли выпустить…”. Бу кэнниттэн Тыгын аата ханнык да сурукка ахтыллыбат.
  • 1798 — Павел I ыраахтааҕы эргэ үгэстээхтэр (нууч. старообрядцы) бэйэлэрин таҥараларын дьиэтин тутталларын көҥүллээбит, епархиялар аккыырайдарыгар эргэ үгэстээхтэр аҕабыыттарын аныыр кыаҕы биэрбит.
  • 1853 — Саха уобалаһын ис дьыалаҕа управлениетын мэдиссиинэҕэ отделениетын бэтэринээр бырааһынан Вольдемар Гольман анаммыт — Саха сиригэр үлэлээбит бастакы үөрэхтээх бэтэринээр. Дерпт университетын бэтэринээрийэ факультетын бүтэрбит киһи.
  • 1917 — Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ: 4-с Дуума Кырдьаҕастарын сүбэтэ Дуума быстах кэмнээҕи сүбэтин тэрийбит, сүбэни Родзянко баһылаабыт.
  • 1918 — Сэбиэскэй бырабыыталыстыба Петроградтан Москубаҕа көспүт, онон Арассыыйа киин куоратынан Москуба буолбут.
  • 1922 — кулун тутар 2 күнүгэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр саҕаламмыт саха интеллигенциятын сийиэһэ түмүктэммит. Сийиэс Саха уобалаһын норуотун быстах кэмҥэ салайыыны талбыт (ВЯОНУ — Временное Якутское областное народное управление). Бассабыыктары утары охсуһарга, Саха уобалаһыттан үүрэргэ быһаарыммыттар.
  • 1922 — ГрузияАрмения уонна Азербайджан ЗСФСР диэн федеративнай өрөспүүбүлүкэни олохтообуттар, бу өрөспүүбүлүкэ ССРС састаабыгар киирбитэ.
  • 1930 — Махатма Ганди аатырбыт Туус айанын саҕалаабыт, 200 мөлүйүөн киһи Британия тууска монополиятын утаран байҕалга аттаммыта.
  • 1938 — Аншлюс: Германия сэриилэрэ Австрияҕа киирбиттэр.
  • 1940 — Кыһыҥҥы сэрии: Финляндия Москубатааҕы эйэ сөбүлэҥэр илии баттаан, Арҕаа Карелияны уонна Выборг куораты ССРС-ка туран биэрбит.
  • 1947 — Уота суох сэрии: АХШ бэрэсидьиэнэ Гарри Трумэн Кэҥгириэс мунньаҕар тыл эппит, ССРС дьайыытыгар киирбэттэрин туһугар Грецияны уонна Туурсуйаны үбүнэн өйүүргэ ыҥырбыт.
  • 1968 — Маврикий Британияттан тутулуга суох буолбут.
  • 1971 — Вилюйгэсстрой СМУ монтажниктарын биригэдьиирэ Михаил Дьячекка (01.10.1928 төр.) уонна монтажник Алексей Новолодскайга (30.3.1930 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа аат иҥэриллибит.
  • 2003 — ВОЗ ыарахан респираторнай синдром (нууч. ТОРС — тяжелый острый респираторный синдром) диэн ааттммыт сыстыганнаах ыарыы туруутун туһунан сэрэтии таһаарбыт.
  • 2011 — Японияҕа сир хамсааһынын уонна цунами кэнниттэн Фукусима-дайити АЭС ректора саахалламмыт, радиация тас эйгэҕэ быраҕыллыбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1863 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туhунан үөрэх айааччыта, Украина наукаларын академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
  • 1881 — Мустафа Кемаль Ататюрк, аныгы Турция судаарыстыбатын төрүттээччитэ. Ататюрк — ол аата туурактар аҕалара диэн ааты иҥэриммит.
  • 1904 — Бороҕон улууһун Бастакы Курбуһах нэһилэгэр (билигин Уус-Алдан улууһугар киирэр) Иннокентий Пухов, филология билимин хандьыдаата.
  • 1915 — Сайфутдин Азизов (Азизи́, 2003 өлб.) — Кытай судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэлэ. Сталин уонна Мао Цзедун кинини КНР Синьцзян-Уйгурскай автономнай оройуонун бастакы бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара.
  • 1921 — Джованни Аньелли — Италия саамай баай уонна кыахтаах дьиэ кэргэн баhылыга, олоҕун тухары сенатор, Stampa хаhыат, Ювентус футбольнай клуб бас билээччилэриттэн биирдэстэрэ. Кини эhэтэ, Джованни Аньели-Бастакы сүүс сыл анараа өттүгэр итальянскай автомобилестроениены саҕалаабыта, «ФИАТ» собуотун төрүттээбитэ.
  • 1922 — Захар Винокуров (17.01.1957 өлб.) — сахалартан биир бастакы композитор.
  • 1930 — Матрена Аммосова — кыыл иитээччи, Социалистыы Үлэ Геройа.
  • 1946 — Геннадий Баишев — РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ үтүөлээх артыыһа,
  • 1953 — Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр Павел Пинигин, тустуук, 1976 сыллааҕы Олимпиада чөмпүйүөнэ.

Өлбүттэр

  • 1982 — Үөһээ Бүлүү Куорамыкытыттан төрүттээх Николай Егоров — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала. Сэрии иннинэ Игидэйгэ уонна Хаптаҕайга учууталлаабыта, 4 кылаас учуобунньугун суруйбута, улуу сэрии кыттыылааҕа, гвардия старшината. Ленин, Кыһыл Сулус, Үлэ Кыһыл знамятын уордьаннарын кавалера.
  • 1992 — Илья Гурвич (07.07.1919 төр.) — устуоруйа билимин дуоктара, ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА