Кулун тутар 11 күнэ. 1919 сыллаахха Кулаковскай Булуҥҥа үлэтэ тохтотуллар - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 105 — Кытай үөрэхтээҕэ Цай Лунь аан бастакы кумааҕыны бамбук мастан оҥорон таһаарбыт.
  • 1714 — ыраахтааҕы Бүөтүр I Арассыыйаҕа 40 «цифирь оскуолатын» арыйар туһунан ыйаахт таһаарбыт (манна уолаттары ааҕарга-суруйарга, арифметикаҕа уонна геометрияҕа үөрэтэллэрэ).
  • 1771 — секунд-майор Петр Малтефельцей Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. 1773 сыл кулун тутар 13 күнүгэр дылы сулууспалаабыт.
  • 1811 — Англия Ноттингем куоратыгар луддиттар өрө туруулара саҕаламмыт. Бу дьон промышленнай сайдыы түмүгэр дьон үлэтэ суох хааларын утарбыттара, өрөр станоктары алдьаталлара.
  • 1824 — АХШ-ка индеецтэри кытта үлэлиир бюро тэриллибит.
  • 1827 — саха салайааччыларын кытта тапсан ыкса үлэлээбит Саха уобалаһын начаалынньыгын Николай Мягков көҕүлээһининэн Саха Степной думата баар буолбут. Бу тыл «степь» диэнтэн буолбакка, «степень» диэн тылтан тахсар, оччотооҕу таба суруйуу быраабылатынан.
  • 1919 — Саха уобалаһын хамыһаара В. Н. Соловьев Алексей Кулаковскайы Булуҥҥа хамыһаар дуоһунаһыттан устар туһунан ыйаах таһаарбыт.
  • 1922 — Дьокуускайга кыһыл сэбилэниилээх күүстэр командующайдара П.Ф. Савлук дьаһалынан Саха күбүөрүнэтин сорох салайааччылара хаайыллыбыттар — губбюро сэкирэтээрэ Г.И. Лебедев, политуправление бэрэстээтэлэ А.В. Агеев уонна штаб начаалынньыга А.Г. Козлов. Ол туһунан Исидор Барахов Сиббюроҕа телеграммалаабыт. Хаайыллыбыт дьон диктатордыы толоос дьайыылара, хабыр-кырыктаах сыһыаннара олохтоох дьону бэйэлэрин утары туруорбуттар, ол түмүгэр өрөбөлүүссүйэни утары өрө туруу үөскээбит. Холобура, Козлов тохсунньу 2 күнүнээҕи бирикээһинэн үрүҥнэргэ утарыласпатах олохтоох дьонтон биэстэн биирин ытарга дьаһайбыт эбит. Сотору Саха сиригэр үрдүкү былааһы Ревком ылбыт, бэрэстээтэлэ — Былатыан Ойуунускай, чилиэннэрэ — Исидор БараховСтепан АржаковСемен Донской.
  • 1941 — АХШ кэнгириэһэ ленд-лиз туһунан сокуону ылыммыт. Бу сокуонунан сэрии сэбин уонна байыаннай матырыйааллары Британия хоруонатыгар киирэр дойдуларга уонна Кытайга иэс биэрэри көҥүллээбиттэрэ. Бу сыл алтынньыгар сокуоҥҥа Сэбиэскэй Сойууһу киллэрбиттэрэ.
  • 1985 — Михаил Горбачёв Сэбиэскэй Сойуус салайааччыта буолбут.
  • 1990 — Литовскай ССР Сэбиэскэй Сойуустан тутулуга суоҕун биллэрбит, ССРС Конституциятын бэйэтин сиригэр дьайбатын туһунан эппит уонна 1938 сыллааҕы бэйэтин Конституциятын сөргүппүт.
  • 1993 — Грузия түмэнэ гражданствону грузин тылын билииттэн тутулуга суох биэрэр туһунан сокуон ылыммыт.
  • 2011 — Японияҕа, Фукусима куоракка сир хамсааһын түмүгэр Чуумпу далайга сүүнэ улахан цунами кэлэн «Фукусима дай ичи» атом станциятын урусхаллаабыт.
  • 2020 — COVID-19 ыарыыны ВОЗ пандемия дьүһүнүн ылбыт диэн биллэрбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 11.03.2022 09:01 09:01