Култуура ыһыаҕа: "Сахабэчээт" 30 000 солк. суумалаах сертификат тутта

Бэс ыйын 3 күнүгэр кэрэ айылҕалаах «Үс хатыҥ» аттыгар Култуура биир идэлээхтэрин Сойууһун ыһыаҕа бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. Самаан сайын кэлбитин үгэс быһыытынан бэлиэтиир үтүө тэрээһиҥҥэ «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.


«Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ сүрүн дириэктэрэ Филипп Пестряков үрүҥ тунах ыһыаҕынан истиҥник эҕэрдэлээтэ. Ол кэнниттэн волейбол оонньоотулар, ырыа ыллаатылар.

Култуура биир идэлээхтэрин Сойууһун спартакиадатыгар «Сахабэчээт» хамаандата 1 миэстэни ылан, 30 тыһыынча солкуобайдаах сертификатынан уонна кубогынан наҕараадаланан үөрдэ-көттө.

Маны тэҥэ «ДалбарХотун» сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччыта Галина Нельбисова Ил Түмэн бочуотунай грамотатынан, «Забота-Арчы» хаһыат корректора Марина Лыткина «Бэчээт туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаланнылар.

Ыһыахчыттар сүргэлэрин саха эстрадатын артыыстарын эҕэрдэлэрэ, кэнсиэртэрэ көтөхтө.

This post was published on 06.06.2016 15:30 15:30