Муус устар 1-5 күннэригэр Култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департамент үлэһиттэрэ Ньурба, Мииринэй, Сунтаар улуустарыгар эрэгийиэннээҕи суолталаах устуоруйа, култуура пааматынньыктарын туруктарын чинчийдилэр, хаартыскаҕа түһэрдилэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Сокуон ирдииринэн, култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин бас билээччилэргэ (туһанааччыларга) хараанныыр эбэһээтэлистибэлэр бэриллэллэр, онно хайдах туһанар, харыстыыр туһунан туспа ирдэбиллэр бааллар.
Бу маннык эбийиэктэри өрөмүөннүүр, чөлүгэр түһэрэр үлэ көрүҥнэрэ уонна болдьоҕо тэхиньиичэскэй туругун туһунан аах оҥоһуллубутун эрэ кэннэ быһаарыллаллар. Онон кэмиттэн кэмигэр маннык бэрэбиэркэлэр, чинчийиилэр олус наадалар.
Оттон хараанныыр эбэһээтэлистибэни култуура эбийиэгэ алдьанарын, урусхалланарын, көрүү-харайыы бэрээдэгин кэһиини, о.д.а. сэрэтэр туһуттан биэрэллэр.
This post was published on 12.04.2024 14:36 14:36