Култуура миниистирэ Юрий Куприянов социальнай ситимнэргэ Саха сиригэр «Култуура» национальнай бырайыак хаамыытын туһунан кэпсээтэ, суруйар СИА.
««Култуура» национальнай бырайыак соруктарын толорууга Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ инникилэр кэккэлэригэр сылдьар. Кэнники сылга икки култуура дьиэтэ тутуллан, үлэҕэ киирдэ. Быйыл өссө биири Нам улууһун Аппаанытыгар киллэриэхпит. Маны сэргэ Бүлүү оройуонугар тутуу саҕаланна. Кэлэр сылга эмиэ куонкурсу кыайарбытыгар эрэллээхпин, оччоҕуна өссө эбии икки эбийиэк тутуута федеральнайдааҕы бюджеттан үбүлэниэҕэ», — диэтэ Юрий Куприянов.
Миниистир эппитинэн, бибилэтиэкэлэри саҥардыы үлэтэ барар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 10 бибилэтиэкэ федеральнайдааҕы үбүлээһининэн аныгылыы тэрилинэн хааччылынна.
«12 оҕо искусство оскуолатын музыкальнай инструменынан хааччыйдыбыт. 2021 сылга бу үлэ салҕаныаҕа уонна өссө 50 мөл солк көрүллүөҕэ», — диэтэ салайааччы.
This post was published on 07.06.2021 15:01 15:01