Култуура министиэристибэтэ киинэ саалаларын аһарга бэлэмнэнэр

{"total_effects_actions":0,"total_draw_time":0,"layers_used":0,"effects_tried":0,"total_draw_actions":0,"total_editor_actions":{"border":0,"frame":0,"mask":0,"lensflare":0,"clipart":0,"text":0,"square_fit":0,"shape_mask":0,"callout":0},"effects_applied":0,"uid":"BD647915-43E1-4F7D-A5F2-742867A4F5D8_1587018745233","width":900,"photos_added":0,"total_effects_time":0,"tools_used":{"tilt_shift":0,"resize":1,"adjust":0,"curves":0,"motion":0,"perspective":0,"clone":0,"crop":0,"enhance":0,"selection":0,"free_crop":0,"flip_rotate":0,"shape_crop":0,"stretch":0},"origin":"gallery","height":599,"subsource":"done_button","total_editor_time":7,"brushes_used":0}

Култуура министиэристибэтэ киинэ саалаларын аһарга бэлэмнэнэр. Өскөтүн «Синема-центр», «Азия», «Лена» курдук улахан кинотеатрдар Роспотребнадзор ирдэбилин тутуһан аһылларга бэлэм эбит буоллахтарына, улуус тыйаатырдарыгар саарбах балаһыанньа үөскээбит.


Бүгүн, атырдьах ыйын 14 күнүгэр култуура миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкин видео-сибээс нөҥүө өрөспүүбүлүкэ киинэ тыйаатырдарын, киинэ прокатчиктарын кытары мунньахтаата. Мунньах кыттыылаахтара сотору кэминэн киинэ саалаларын аһары туруорустулар. Кинилэр дойду 30 регионугар киинэ көстүбүтүн эттилэр. Владислав Левочкин киинэ саалаларын аһар туһунан этиини COVID-19 тарҕаныытын бохсор өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаапка тиэрдиэҕин эттэ.

«Синема-центр», «Азия», «Лена» курдук улахан кинотеатрдар Роспотребнадзор ирдэбилин тутуһан аһылларга бэлэм эбит буоллахтарына, улуус тыйаатырдарыгар саарбах балаһыанньа үөскээбит.

«Дьон киинэҕэ сөбүлээн сылдьар. Бу сыллар устата аһан кэлбит саалаларбыт Роспотребнадзор ирдэбилин тутуһан саҥаттан үлэлииллэригэр кыһаллыахпытын наада. Улуус баһылыктарын, култуура управлениетын салайааччыларын өттүттэн быһаччы көмө эрэйиллэр, харыстанар, ыраастанар тэриллэри хааччыйалларын туруорсабыт«, — диэтэ солбуйааччы миниистир.

This post was published on 14.08.2020 18:02 18:02