Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар Саха сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа, IV аан дойдутааҕы «Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо» бэстибээл, норуоттар икки ардыларынааҕы «Хомусист – виртуоз мира» куонкурус уо.д.а. буолуоҕа. Москваҕа, Санкт-Петербурга уонна Владивостокка түһүлгэлэр тэриллиэхтэрэ. Ол туһунан култуура миниистирэ Юрий Куприянов эттэ, суруйар СИА.
Юрий Куприянов эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтээһин бөдөҥ национальнай уонна духуобунай тэрээһин. Бары култуура тэрилтэлэрэ кыттыылаах киэҥ бырагыраама былааннанар.
«Ил Дархан Саха АССР тэриллибитэ сүүс сыллаах үбүлүөйүн муниципальнай оройуоттарга, Москваҕа, Санкт-Петербурга уонна Владивостокка үрдүк таһымҥа ыытар сорудаҕа туолар. Тэрээһиннэр Ийэ сылын кытта тэҥҥэ бараллар», — диэтэ миниистир.
Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕа, IV аан дойдутааҕы «Встреча шедевров ЮНЕСКО на земле Олонхо» бэстибээл ыытыллыаҕа. Пандемиянан хааччахтааһыннар киирэн, хомусчуттар норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус бэс ыйыгар көстө. 34 киһи кыттарын биллэрдэ. «Ыарахан кэм, пандемия, ити эрээри өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, ыалдьыттарга интэриэһинэй буолар бырагыраамалары бэлэмниибит», — диэтэ Куприянов.
This post was published on 03.02.2022 15:01 15:01