Кулун тутар 12 күнүттэн Орто Халыма улууһугар, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев үлэлиир.
Миниистир былаан быһыытынан, Орто Халыма улууһун култуура үлэһиттэрин уонна үлэ тэрилтэлэрин салайааччыларын кытта көрүстэ, суруйда «Халыма долгуннара» хаһыат телеграм-ханаала.
«Саһарҕа» оҕо уһуйааныгар иитиллээччилэри, «Родина» успуорт уораҕайыгар ыччаты кытта көрсөн эҕэрдэтин тиэртэ, кэнчээри ыччат кэлэр кэм, үүнэр үйэ кэскилэ, үүнүү-сайдыы тирэҕэ диэн бэлиэтээтэ. «Бу курдук көхтөөх, успуорду, култуураны өрө тутар ыччаттар буола улаатыҥ» диэн алгыһын, эҕэрдэтин тиэртэ.
Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕа Орто Халымаҕа буоларыгар мэктиэлээтэ.
This post was published on 13.03.2024 13:01 13:01