«Култуура үлэһитэ» номинация кыайыылааҕынан Сунтаар улууһун олохтооҕо Августа Клакинова ааттанна

Ааспыт сылга Судаарыстыбаннас күнүнэн сибээстээн, «Сахамедиа» холдинг «Саха сирин киэн туттуута» («Гордость Якутии») диэн интернет нөҥүө норуот куоластааһынын тэрийбитэ. Түөрт номинация кыайыылаахтара билиннилэр. «Учуутал» (Владислав Кривошапкин, Чурапчы улууһа), «Ыччат лидерэ» (Артем Иванов, Дьокуускай), «Быраас» (Степан Тордуин, Дьокуускай) уонна «Култуура үлэһитэ» (Августа Клакинова, Сунтаар улууһа).


Уопсайа 12 номинацияҕа куоластааһын ыытыллыахтаах. Норуот бириэмийэтигэр куоластааһына ЯСИА сайтыгар эрэ буолбакка, Facebook, ВКонтакте, Instagram сирэйдэригэр кытта ыытыллар. Биллэн турар, интернет бу ситимнэрин куоластааччыларын ахсаанын барытын аахтахтарына эрэ кыайыылаах кимэ биллиэхтээх. Бириэмийэ сүрүн партнера саха иһитин оҥорон таһаарар «Көмүлүөк» хампаанньа буолар.

«Култуура үлэһитэ» номинация кэнниттэн «Саха сирин киэн туттуута» норуот бириэмийэтигэр «Символ», «Нэһилиэк баһылыга», «Предприниматель», «Уопсастыбанньык», «Үлэ киһитэ», «Норуот маастара», «Фермер», «Спортсмен» курдук эмиэ, биллэн турар, «Бастыҥ» диэн дьаралыктаах номинацияларга куоластааһын ыытыллыаҕа. Онон, ааҕааччыларбыт бэйэҕит улуустаргыт, нэһилиэккит дьонун киэҥ араҥаҕа таһаарардыы, эрдэттэн бэлэмнэниҥ.

ФИНАЛИСТАР

Култуураҕа сыһыаннаах күөн күрэс, биллэн турар, тыҥааһыннаах буолара биллэрэ. Саха сирин 16 нэһилиэнньэлээх пуунуттан номинацияҕа 22 култуура үлэһитэ кыттыыны ылла. Уопсайа 28162 куолас киирдэ. Кинилэртэн куо­ластааһыҥҥа кыайан, биэс финалист инники күөҥҥэ тахсыбыта. Кыайыылааҕы быһаарыы көрдөрүүтэ маннык буолла:

Владимир Индигирскэй (Дьокуускай куорат) — 2 №-дээх Оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ, вокальнай-хоровой салаа сэбиэдиссэйэ (9 011 куолас: 8 769 – СИА сайт, 242 — социальнай ситимнэр).

Семен Луканси (Амма улууһа) — худуоһунньук. Финалист салгыы кыттартан аккаастаммыта эрээри, кыайыылааҕы норуот куолаһа быһаарар
(1 087 куолас: 1 000 – СИА сайта уонна 87 – социальнай ситимнэр).

Августа Клакинова (Сунтаар улууһа) – хореография преподавателэ, Элгээйитээҕи Оҕо искусствотын оскуолатын «Алгыс» холобурга сылдьар оҕо народнай ансаамбылын салайааччыта (10 124 куолас: 9 747 – СИА сайта, 377 – социальнай ситимнэр).

Василий Парников (Уус Алдан улууһа) – «Кэнчээри» оҕо народнай ансаамбылын салайааччы (5 923 куолас: 4 542 – СИА сайт уонна 1 382 – социальнай ситимнэр).

Александр Копырин (Нам улууһа) – П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы историко-этнографическай мусуой дириэктэрэ (2 017 куолас: 1 930 — СИА сайт, 87 – социальнай ситимнэр).

КЫАЙЫЫЛААХ — СУНТААР ОЛОХТООҔО

Куонкуруска 10124 куолаһы ылан хореография преподавателэ, Элгээйитээҕи Оҕо искусствотын оскуолатын «Алгыс» холобурга сылдьар оҕо народнай ансаамбылын салайааччыта, Сунтаар улууһун олохтооҕо Августа Клакинова эрэллээхтик бастаата.

«Бары үтүө санаалаах Сахам сирин дьоно, бары түмсүүлээх да буолар эбиккит! Эһиги үтүө санааҕыт кынаттыыр, үрдүккэ көтүтэр, олоххо дьулууру биэрэр. Үөрэнээччилэрим, кинилэр төрөппүттэрэ, «Дружба» уонна «Алгыс» ансаамбылларым, Сунтаарым, Тааттам, Элгээйим дьонугар-сэргэтигэр уонна бары куоластаабыт дьоҥҥо барҕа махтал тылларын уонна алгыспын аныыбын! Бу күрэххэ миигин арыаллаабыт табаарыстарбар Василий Парниковка, Владимир Корякиҥҥа эмиэ махтанабын. Бука бары дьоллоох буолуҥ!» — диэн барҕа махталын тиэрдэр култуура бэтэрээнэ Августа Клакинова.

Августа Клакинова Таатта улууһун Чычымаҕыттан төрүттээх. Дьокуускайдааҕы хореографическай училищены бүтэрбит. 11 сыл устата Ытык Күөллээҕи «Дружба» үҥкүү ансаамбылын салайбыт. Бэйэтэ тэрийбит ансаамбылын кытта Сэбиэскэй Сойуус бары өрөспүүбүлүкэлэригэр сылдьыбыттар. 1980 сылтан Августа Клакинова Сунтаар Элгээйитигэр көспүт. Онно Сергей Зверев аатынан музыкальнай оскуола аһыллыбытыгар хореографическай кылааһы салайбыт. Таатта уонна Сунтаар улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо.

ИККИ САНАА: МАННЫК КУОЛАСТААҺЫН НААДА ДУО?

Василий ПАРНИКОВ, «Култуура үлэһитэ» номинация кыттыылааҕа:

— Култуура үлэһиттэригэр соччо барсыбат куонкурус эбит. Тыа сирин куоластааччыта хайдах да киин куорат куоластааччытын кытта күрэстэһэр кыаҕа суох. Бастакытынан, сибээс мөлтөх. Иккиһинэн, тыа сирин дьонун ахсаана аҕыйах. Үсүһүнэн, үгүстэр хайдах куоластыылларын да билбэттэр. Онон итинник улахан суолталаах дьоһуннаах ааты интернетинэн буолбакка, тустаах министиэристибэ бэйэтэ үлэ түмүгүнэн туттарара ордук.

Кирилл АЛЕКСЕЕВ, «Сахамедиа» РИИХ генеральнай дириэктэрэ:

— «Саха сирин киэни туттуута» куонкурус идэ маастарыстыбатын дуу, дьон талаанын дуу быһаарар күөн күрэстэһии буолбатах. Бырайыак сүрүн ис хоһооно – биһиги аттыбытыгар күн аайы тустаах үлэлэрин толоро сылдьар дьону таба булан көрүү уонна кинилэргэ махтал тылларын этии. Бу куонкуруска кыайтарааччы диэн суох. Хас биирдии куолас — куонкуруска кыттыбыт киһи идэтигэр бэриниитигэр, кини кыаҕар, талааныгар сүгүрүйүү бэлиэтэ. Махтал буоллун, бу буолан ааспыт түөрт куонкурус хас биирдии кыттыылааҕар!

«Саха сирин киэн туттуута» куонкурус «Култуура үлэһитэ» номинацията түмүктэннэ. Кыайыылаах билиннэ. Аны өрөспүүбүлүкэ бастыҥ предпринимателин талыы саҕаланна.

This post was published on 25.01.2018 15:36 15:36