Култуура коллеһын устудьуоннара кыһалҕалаахтарга көмөлөстүлэр

Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын «Этнохудожественнай творчество» салаатын иккис кууруһун устудьуоннара уһуйааччы Сардаана Харитонова салалтатынан Мэҥэ-Хаҥалас Балыктааҕар Аһымал аахсыйаҕа кытыннылар.


«Тэрээһини нэһилиэк олохтоохторо көҕүлээбиттэрэ. Биир дойдулаахтарын Дмитрий уонна Римма Фадеевтар кыыстарыгар Анджелаҕа, Артем уонна Саргылаана Васильевтар кыыстарыгар Ритаҕа эмтэнэллэригэр анаан харчынан көмөлөһөргө быһаарыммыттара биһигини улаханнык долгуппута. Маннык дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттар туһунан үөрэхпит кыһатын дириэктэрэ Захар Никитин иһитиннэрбитигэр, ыччаттар кыттарга тута сөбүлэспиттэрэ. Онон кэнсиэргэ тоҕус нүөмэри биэрдибит», — диэн колледж пресс-сэкирэтээрэ Василий Бачьев иһитиннэрэр.

Аһымал тэрээһиҥҥэ уопсайа 98 тыһыынча солкуобай киирбитин аҥардаан, икки ыал оҕолоро эмтэнэллэригэр туттарбыттар.

This post was published on 23.03.2016 10:57 10:57